Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай көмүскэл управлениетын үлэһитин Елена Макарованы кыайыытынан эҕэрдэлээтэ. Елена социальнай хааччыйыы эйгэтигэр XI Бүтүн Арассыыйатааҕы идэ маастарыстыбатын куонкуруһугар “Социальнай хантараагы киллэрии бастыҥ уопута” номинацияҕа кыайда.
Елена Макарова управлениеҕа 2012 сылтан үлэлиир. Судаарыстыбаннай көмө, социальнай хантараагы, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын, “100 сыл оҕолоро” хапытаалын биэрии, хонтуруол боппуруостарынан дьарыктанар.
Социальнай көмөнү оҥорууга кини уопутун федеральнай таһымҥа үрдүктүк сыаналаатылар.
2012-2021 сылларга Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 1314 дьиэ кэргэн 123 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа социальнай хантараагы түһэрсибит. Бу ыаллар бары хаһаайыстыбаларын кэҥэттибиттэр, бэйэ дьыалатын арыйбыттар, үлэ миэстэтин арыйбыттар, дохуоттаммыттар. Бу суума барыта улуус, дьиэ кэргэн экэниэмикэтин тупсарыыга үлэлээн, эбиллэн, хамнастаах буолууга, дохуоту ылыыга үлэлии турар.
Социальнай хантараагы сүрүннээн кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга (оҕуруот аһын үүннэриигэ, сүөһүнү, сылгыны атыылаһыыга, хотон өрөмүөнүгэр, ыҥырыаны иитиигэ) уонна бэйэ дьыалатын арыйыыга (столярнай, иис сыахтарын, бэкээринэни, кэрэ сэбэрэ солуонун, туристическай базаны, автомастарыскыайы арыйыыга, кулинарияҕа, полиграфическай өҥөнү оҥорууга, о.д.а.) ылбыттар.
Кыайыылаахтары наҕараадалааһын Сочига буолла. РФ үлэҕэ, социальнай көмүскэлгэ миниистирэ Антон Котяков наҕараадалары бэйэтэ туттартаата. Барыта 2 тыһыынчаттан тахса үлэһит кыттыбытыттан, финалга 30 эрэгийиэнтэн 15 номинацияҕа 48 киһи тахсыбыта.
2021 сыллаахха түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…
Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…
Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…
Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…
Бүгүн Күн салайар күнэ — өрөбүл. Онон айар-тутар эрчим, үөрүү-көтүү уонна сырдык баһылыаҕа. Онуоха эбии,…