Социальнай хантараагы үбүлээһин 1 миллиард солкуобайга тэҥнэһиэ

Share

Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт бэһис Анал этиитигэр дьиэ кэргэни өйүүр миэрэлэр өссө салҕаныахтара диэн эттэ.

Бу кэлэр сылтан 17-рин туола илик оҕолордоох, кыра дохуоттаах ыаллар, хат дьахталлар биир кэлим босуобуйаны ылар буолаллар. Босуобуйа кээмэйэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр арыый үрдүк.

Ол курдук, ыаллар төһө дохуоттаахтарыттан тутулуктанан, босуобуйа кээмэйэ хас биирдии оҕоҕо 11-22 тыһыынча солкуобайга, хотугу улуустарга – 13-26 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

Маны тэҥэ, Ил Дархан бу босуобуйаны ылар эрээри, ыарахан балаһыанньалаах ыалларга эбии көмөлөһөр туһунан эттэ. Манна социальнай хантараак көмөлөһүөн сөп. Онон социальнай хантараак бырагырааматын үбүлээһини 1 миллиард солкуобайга диэри үрдэтэргэ бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата.

Биһиги бары эбэлэрбит, эһэлэрбит чэгиэн-чэбдик, үөрэ-көтө уһуннук олоруохтарын баҕарабыт. Онон Ил Дархан көхтөөх уһун үйэлэнии бырагыраамаларын сөргүтэргэ, кэҥэтэргэ этии киллэрдэ. Холобур, хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууннарга социальнай таксины, аҕам саастаах дьоҥҥо сайыҥҥы лааҕырдары, чэбдигирдэр, сынньалаҥы тэрийэр кииннэри, үһүс саас оскуолаларын сайыннарар, тэрийэр туһунан эттэ.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юрий Трутнев: Уһук Илин эрэгийиэн дохуоттарын 2,5 төгүл кэриҥэ үрдэттилэр

РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «Россия-24» ханаалга интервью биэрдэ,…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэ дьарыктаах дьон «больничнайга» барар бырааптаныахтара

2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа үс сыллаах эксперимент саҕаланыаҕа, ол түмүгэр бэйэ дьарыктаах дьон…

11 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Кыһын тиллибит лыаҕы хайдах гынабыт?

Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кыс ортото лыах тиллибитэ ый буолла. Маныаха учуонайдар көрүүлэрэ хайдаҕый?…

37 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Балыыһаҕа киирбит табаарыһыттан мөлүйүөн аҥаарын уорбут

Дьокуускай куоракка полицейскайдар балыыһаҕа киирбит табаарыһын  каартатыттан   мөлүйүөн аҥаара харчыны уорбут  киһини туттулар. Бу туһунан…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Бриллианты Якутии” аһаҕас уруога

Ахсынньы 24 күнүгэр «Бриллианты Якутии» ансаамбыл 2025 сылы түмүктүүр аһаҕас уруогун үрдүк таһымнаахтык ыытта! [gallery…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: Оптимизация үөрэх хаамыытыгар сабыдыаллыа суохтаах

Үөрэх тиһигин оптимизацията үөрэх хаамыытыгар хоромньуну оҥоруо суохтаах. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Ил…

2 часа ago