Социальнай хантараак көмөтүнэн биисинэстэннилэр
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо Любовь Неустроева социальнай хантараак көмөтүнэн итии аһы дьиэҕэ тиэрдэр биисинэһи тэриммит. Кини 3-с группалаах инбэлиит, бэйэ дьыалатынан дьарыктанарыгар кэргэнэ көмөлөһөр.
Кинилэр былырыыҥҥыттан ыла дьоҥҥо сакааска астыыр буолбуттар. Онтон Любовь бэйэ дьыалатын арынаары социальнай хантараагынан 350 тыһыынча солкуобайы ылбыт уонна бу сууманан ас астыыр тиэхиньикэни, тэрили атыыласпыт. Кини урут атыыһытынан үлэлээбитэ, уруккуттан бэйэ дьыалатын арыныан наһаа баҕарар этэ.
— Былырыын шашлык оҥорон саҕалаабыппыт, онон бастакы килийиэннэр баар буолбуттара. Чааһынай дьиэлээх буоламмыт, бэйэбит куукунабытыгар астыыбыт. Кэргэним аһы-үөлү илдьэн, тиэрдэн биэрэр, онон олус көмөлөһөр. Бэрт түргэнник, ас сойо да илигинэ, тиэрдэн биэрэбит. Социальнай хантараак харчытынан саҥа халадыынньыгы, анал оһоҕу, мангаалы, кондиционеры ылбытым. Онон астыырга олус табыгастаах буолла, — диэн Любовь кэпсиир.
Инникитикн Майаҕа бэйэлэрин астарын атыылыыр маҕаһыын арыйыахтарын, эбии үлэһиттэниэхтэрин, кэҥэттиэхтэрин баҕараллар. Кинилэр олохтоох бородууктаны туһанар, минньигэстик астыыр буоланнар, астара хамаҕатык барар. Бырааһынньыктарга улахан сакаастар киирэллэр. Сахалыы булт-балык астарыттан саҕалаан, Япония куукунатын бүлүүдэлэригэр тиийэ астыыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: