Социальнай хантараак көмөтүнэн, сылгы үөрдэннэ
Өймөкөөн улууһун олохтооҕо Павел Винокуров социальнай хантараак көмөтүнэн, сылгы үөрдэннэ, сылгыһыт буолла. Кини биэнсийэҕэ тахсан баран, тугунан дьарыктанабын диэн толкуйдаабыт.
Павел Винокуров үйэтин тухары табаһытынан, сылгыһытынан үлэлээбитэ эрээри, бэйэтэ кэтэх хаһаайыстыбата, сылгыта-сүөһүтэ суоҕа. Бэйэтэ сылгы үөрдэнэн, көрүөн-истиэн баҕарара да, манна бастаан син биир үп-харчы наада.
2021 сыллаахха кэтэх хаһаайыстыбатын кэҥэттэргэ социальнай хантараак көмөтүнэн 250 тыһыынча солкуобайы ылбыта. Бу харчытынан үс убаһаны атыыласпыта. Эбии бэйэтин харчытынан биир убаһаны уонна биир атыыр сылгыны ылбыта. Былырыын эмиэ икки сылгыны атыыласпыттар. Онон билигин убаһалара улаатан, төрөөн, туспа үөр буоллулар.
— Мин аҕам үйэтин тухары тыа сиригэр үлэлээн-хамсаан кэллэ. Биэнсийэҕэ тахсан да баран, таах олоруон баҕарбат. Хамсанан, айылҕаҕа сылдьан, сылгыларын бүөбэйдээн, улахан дуоһуйууну ылар. Ол иһин биһиги киниэхэ кыахпыт баарынан көмөлөһөбүт. Урут кууруссалары, сибиинньэлэри, козалары иитэн көрбүппүт. Онтон сылгыны иитии аҕам таптыыр дьарыга буолан, табылынныбыт.
Саҥа саҕалыыр киһиэхэ судаарыстыба көмөтө баара, атаҕар турарыгар көмөлөһөрө наһаа үчүгэй эбит. Онон саҥа саҕалыыр хаһан да хойут буолбат. Былырыын сылгы сылдьар сиригэр күрүөлэри туппуппут. Сылгыбыт ахсаанын өссө элбэтэр былааннаахпыт. «Саҥа саҕалыыр пиэрмэр» диэн грант баарын билэн, онно киирсээри сылдьабыт, — диэн Павел Винокуров кыыһа Марина Кривошапкина кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: