Социальнай хантараак көмөтүнэн, сылгы үөрдэннэ

Share

Өймөкөөн улууһун олохтооҕо Павел Винокуров социальнай хантараак көмөтүнэн, сылгы үөрдэннэ, сылгыһыт буолла. Кини биэнсийэҕэ тахсан баран, тугунан дьарыктанабын диэн толкуйдаабыт.

Павел Винокуров үйэтин тухары табаһытынан, сылгыһытынан үлэлээбитэ эрээри, бэйэтэ кэтэх хаһаайыстыбата, сылгыта-сүөһүтэ суоҕа. Бэйэтэ сылгы үөрдэнэн, көрүөн-истиэн баҕарара да, манна бастаан син биир үп-харчы наада.

2021 сыллаахха кэтэх хаһаайыстыбатын кэҥэттэргэ социальнай хантараак көмөтүнэн 250 тыһыынча солкуобайы ылбыта. Бу харчытынан үс убаһаны атыыласпыта. Эбии бэйэтин харчытынан биир убаһаны уонна биир атыыр сылгыны ылбыта. Былырыын эмиэ икки сылгыны атыыласпыттар. Онон билигин убаһалара улаатан, төрөөн, туспа үөр буоллулар.

— Мин аҕам үйэтин тухары тыа сиригэр үлэлээн-хамсаан кэллэ. Биэнсийэҕэ тахсан да баран, таах олоруон баҕарбат. Хамсанан, айылҕаҕа сылдьан, сылгыларын бүөбэйдээн, улахан дуоһуйууну ылар. Ол иһин биһиги киниэхэ кыахпыт баарынан көмөлөһөбүт. Урут кууруссалары, сибиинньэлэри, козалары иитэн көрбүппүт. Онтон сылгыны иитии аҕам таптыыр дьарыга буолан, табылынныбыт.

Саҥа саҕалыыр киһиэхэ судаарыстыба көмөтө баара, атаҕар турарыгар көмөлөһөрө наһаа үчүгэй эбит. Онон саҥа саҕалыыр хаһан да хойут буолбат.  Былырыын сылгы сылдьар сиригэр күрүөлэри туппуппут. Сылгыбыт ахсаанын өссө элбэтэр былааннаахпыт. «Саҥа саҕалыыр пиэрмэр» диэн грант баарын билэн, онно киирсээри сылдьабыт, — диэн Павел Винокуров кыыһа Марина Кривошапкина кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Профлиискэ эмсэҕэлээбит понины быыһаатылар

СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена иһитиннэрбитинэн, бу ыйга Мархатааҕы бэтэринээринэй учаастакка сылгылары иитэр киһи сибээскэ тахсан көмөҕө…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Батамайы, Сииттэни, Арҕаһы уонна Сангаары уу ылар куттала баар

Кэбээйилэр халаан уутугар олохтоохтук бэлэмнэнэн олороллор, ол гынан баран, билигин даҕаны Батамайга, Сииттэҕэ, Арҕаска уонна…

29 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

“Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруска кыттыҥ

Бүгүн – ырыа күнэ. Ырыа -- олох аргыһа диэн мээнэ эппэтэх буолуохтаахтар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха сирэ”…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьыахтара

Дьокуускай -- Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар ыам ыйын 25 күнүттэн сылдьан саҕалыахтара. Бу туһунан "Саха…

54 минуты ago
  • Сонуннар

Халаантан эмсэҕэлээбит сэлиэнньэлэргэ уотунан хааччыйыыны түргэнник чөлүгэр түһэриэхтэрэ

Ыам ыйын 20 күнүгэр халааны аһарыы боппуруостарын ЫБМ сэрэтиигэ уонна туоратыыга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ баһаартан куттала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Айсен Николаев Полярник күнүнэн эҕэрдэлиир

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Полярник күнүнэн эҕэрдэлиибин! Бу…

2 часа ago