Салгыы
Социальнай хантыраах: Өймөкөөн Сордоҥнооҕун биэкэрэ

Социальнай хантыраах: Өймөкөөн Сордоҥнооҕун биэкэрэ

11.07.2023, 11:08
Хаартыска -- Альберт Захаров тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин  аайы социальнай хантыраагынан бэйэлэрин дууһалара сытар үлэлэриигэр таба тайанан, дьонноругар-сэргэлэригэр туһалыыр дьон ахсаана биллэ элбээтэ.

Өймөкөөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгин күтүөтэ Альберт Захаров Сунтаар улууһуттан төрүттээх. 1995 сыллаахха улуус киинигэр Уус-Ньараҕа үлэлии кэлэн баран, Тымныы полюһун айылҕатын, олоҕун-дьаһаҕын олус сөбүлээн, олохсуйарга санаммыт. Онуоха олоҕун аргыһын көрсүүтэ төрүөт буолбут. 1998 сыллаахха кэргэнин төрөөбүт Сордоҥнооҕор көһөн кэлбиттэр. Захаровтар түөрт оҕолоохтор. Улахан уол быстах кэмнээх байыаннай эпэрээсийэҕэ сылдьар. Кыыстара – устудьуон, икки кыра киһи – оскуола дьоно. Альберт Захаров биэкэринэн социальнай хантырааҕынан үлэлээбитэ иккис сыла. Күҥҥэ 36 килиэби буһаран атыыга таһаарар.

Нэһилиэк усулуобуйатыгар бэкээринэни үлэлэтии хайдаҕын, биэкэр социальнай хантырааҕынан туһаныыга бэйэтин көрүүтүн «Саха сирэ» хаһыакка санаатын үллэһиннэ. Онон хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр тыа сирин олохтооҕун санаатын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 апреля
  • -4°C
  • Ощущается: -11°Влажность: 54% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: