Социальнай хантыраах: Өймөкөөн Сордоҥнооҕун биэкэрэ

Share

Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин  аайы социальнай хантыраагынан бэйэлэрин дууһалара сытар үлэлэриигэр таба тайанан, дьонноругар-сэргэлэригэр туһалыыр дьон ахсаана биллэ элбээтэ.

Өймөкөөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгин күтүөтэ Альберт Захаров Сунтаар улууһуттан төрүттээх. 1995 сыллаахха улуус киинигэр Уус-Ньараҕа үлэлии кэлэн баран, Тымныы полюһун айылҕатын, олоҕун-дьаһаҕын олус сөбүлээн, олохсуйарга санаммыт. Онуоха олоҕун аргыһын көрсүүтэ төрүөт буолбут. 1998 сыллаахха кэргэнин төрөөбүт Сордоҥнооҕор көһөн кэлбиттэр. Захаровтар түөрт оҕолоохтор. Улахан уол быстах кэмнээх байыаннай эпэрээсийэҕэ сылдьар. Кыыстара – устудьуон, икки кыра киһи – оскуола дьоно. Альберт Захаров биэкэринэн социальнай хантырааҕынан үлэлээбитэ иккис сыла. Күҥҥэ 36 килиэби буһаран атыыга таһаарар.

Нэһилиэк усулуобуйатыгар бэкээринэни үлэлэтии хайдаҕын, биэкэр социальнай хантырааҕынан туһаныыга бэйэтин көрүүтүн «Саха сирэ» хаһыакка санаатын үллэһиннэ. Онон хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр тыа сирин олохтооҕун санаатын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Миша, Игорь, Аркадий, биһиги эһигини умнубаппыт!

Эп-эдэркээн уолаттар милиция үлэтин өрө тутан, дьон нус-хас олоҕун туһугар туруулаһа сылдьан сидьиҥ дьон илиититтэн…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Лиза Константинова: “Ыллыырбар дьол туругар киирэбин…”

Дьокуускайга “Чайковский-фест” ньиргийэ турдаҕына, “Иоланта” операҕа сылдьыбытым. Бу операҕа хараҕа суох кыыс туһунан кэпсэнэр. Аҕата-ийэтэ…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Иччитэх дьиэ» саҥа сэрийээл сэтинньигэ көстүөҕэ

Быйылгы дьылга бастакы "Айкуо" сэрийээли көрөн бүтэрдибит. Дьон-сэргэ саҥа сэрийээли олус сөбүлээбит, оҕолор оонньуулларын астыммыт.…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ийэлээх кыыс «Кэрэҕэ ситим» быыстапкаларыттан санаалар

"ҮРГЭЛ" галереяҕа алтынньыга Сардаана Владимировна Яковлева уонна киһи кыыһа Анжелика Викторовна хартыыналарын дьон көрүүтүгэр туруордулар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Сүбэһит: Хаан баттааһынын хайдах намтатабыт?

Кэнники кэмҥэ элбэх киһи хаан баттааһына үрдүүрүнэн эрэйдэнэр буолла. Төбө ыалдьыбат буоллаҕына, үгүстэр наадыйбаттар, билбэттэр…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ Бүлүүгэ булчут өлүгүн хайдах булбуттарый?

Үөһээ Бүлүү улууһугар булчут сүттэ диэн иһитиннэрии киирбитин кэннэ, сэтинньи 4 күнүгэр көрдүүр үлэ саҕаламмыта. …

5 часов ago