Социальнай хантараак – дьон-сэргэ бигэ туруктаах буолуутун өйөбүлэ

Share

Нэһилиэнньэ дьарыктаах, бигэ туруктаах буоларын ситиһэргэ туһуланар социальнай хантыараак нөҥүө өйөбүлү көрүү дьон-сэргэ биһирэбилин ылар.

Ааспыт сыл социальнай хантараак бырагырааматынан бэйэ дьыалатын арыныыга уонна кэтэх хаһаайыстыбатын тэриниигэ, сайыннарыыга туһуланар көмө үбүлээһин 500 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээбитэ.

Быйылгыттан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар социальнай хантараак төһө көдьүүстээҕин көрдөрөр отчуоту көмүскээһин диэн саҥа ирдэбил киирдэ. Ол эбэтэр, социальнай хантараак ылбыт дьон биир сылынан хайдах үлэлии-хамсыы сылдьалларын, төһө дохуокка тахсыбыттарын көрдөрөллөр.

Бүгүн улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччыта Альбина Григорьева бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа хантараагы туһаммыт 33 киһини иһиттэ диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Уопсайа бэйэ дьыалатын тэриниигэ 13, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга 2, уустук балаһыанньаҕа түбэспит 18 киһи социальнай хантараагынан туох дьыаланы тэриммиттэрин кэпсээтилэр. Саҥа сүүрээнинэн – биэнсийэлээх, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор дьоҥҥо бэйэ дьыалатын арыныыга уонна кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, тэриниигэ диэн туспа кубуота көрүллэр буолла. Усулуобуйатынан, ылар дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйин 1,5 төгүлүттэн кыра буолуохтаах.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Алексей Агапов мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа бастакы үтүөлээх тириэньэринэн буолла

Саха сирин элбэх спортсменнарын үөрэппит Алексей Агаповка дойду успуордун миниистирэ Михаил Дегтярев бирикээһинэн мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «Түмэллэргэ түүн» аахсыйа аан бастакытын геология тиэмэтигэр ананар

Дьокуускайга ыам ыйын 17 күнүгэр «Түмэллэргэ түүн» диэн аахсыйа ыытыллар. Быйыл аан бастакытын аахсыйа геология…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

С гепатиттаах ыарыһахтары эминэн-томунан хааччыйыахтара

«Продолжительная и активная жизнь» саҥа национальнай бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн Саха сиригэр сыл саҕаланыытыттан «Гепатиты…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

ВИДЕО: Горнай трассатыгар муус маҥан кырсаны көрдүлэр…

Социальнай ситимнэринэн Саха сирин олохтоохторо Орто Сурт бөһүөлэк аттыгар трассаҕа маҥан кырсаны бэлиэтии көрбүттэрин видеоҕа…

32 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сиригэр бэтэрээннэргэ анаан мэдиссиинискэй уонна психологическай бырагыраамалар үлэлииллэр

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ мэдиссиинэ уонна психологическай бырагыраамалар…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһугар сокуоннайа суох үлэни бохсор бөлөх мунньахтаата

СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, Нам улууһугар сокуоннайа суох үлэни бохсор  бөлөх тэриллибитэ. Бөлөх салайааччыта –…

1 час ago