Социальнай харысхал өрөспүүбүлүкэтээҕи комплекснай киинэ Донбасска Хотугулуу-илиҥҥи көмөнү уонна өйөбүлү оҥоруу пуондатыгар ПАЗ-32054 оптуобуһу туттарда.
Бэлэх дуогабарын социальнай киин дириэктэрэ Наталья Пахомова илии баттаата. Оптуобуһу Дьокуускайга «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулары ыытыы кэнниттэн Социальнай харысхал киинигэр бэриллибитэ.
«Кэккэ сыллар устата биһиги оптуобуһу социальнай өҥөнү туһанааччыларбытын — кырдьаҕастары, инбэлииттэри таһыыга туһаммыппыт. Сүрүннээн араас экскурсияларга сылдьарга, култуурнай тэрээһиннэргэ туһаммыппыт. Бу уустук кэмҥэ биһиги оптуобуспутун дойду көмүскээччилэригэр аныырга быһаарыы ылылынна. Быһаарыын кэлэктиип үлэһиттэрэ уонна биһиги ытык кырдьаҕастарбыт өйөөтүлэр. Кинилэр оҕолорбут бэйэлэрин харыстаналларыгар, дойдуларыгар этэҥҥэ төннөллөрүгэр баҕа санааларын тиэртилэр. Оптуобуһу биэрэхпит иннинэ тиэхиниичэскэй көрүүтүн ыыттыбыт, саҥа аккумулятор атыыластыбыт», — диэн Наталья Пахомова иһитиннэрдэ.
Социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи комплекснай киинэ байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан кыайыыны чугаһатар уопсай дьыалаҕа күүстээх кылааты киллэрэр. Байыастары өйүүргэ харчы хомуйаллар, социальнай өҥөнү туһанааччылары кытта сиэккэлэри таҥаллар, оттон өрөспүүбүлүкэ үһүс саас оскуолатын чилиэттэрэ харысхаллары бэлэмнииллэр.
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…