Социальнай пуонда өрөспүүбүлүкэ биэс олохтооҕор Lada Granta күлүүстэрин туттарда

Share

Саха сиринээҕи Социальнай пуонда отделениетыгар өрөспүүбүлүкэ биэс олохтоохтор Lada Granta массыына күлүүстээрин туттардылар.

Үлэҕэ эчэйиини ылбыт олохтоохторго сокуонунан массыына  көрүллэр.  Тэрээһин Lada Granta официальнай дилерскай киинигэр ыытылынна. Массыына күлүүстэрин Социальнай пуонда Саха сиринээҕи управляющайа Марина Германия туттарда диэн Социальнай пуонда пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Үлэ кэмигэр эчэйиини ылбыт Саха сирин олохтоохторо мэдиссиинэ-социальнай эспэртииһэтэ (МСЭ) быһаарыытынан массыына ылар бырааптаахтар. Маннык өйөбүлү ыларга мэдиссиинэ-социальнай эспэртииһэтин хамыыһыйатын ааһыахтааххын, ол кэннэ Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар эбэтэр Саха сиринээҕи Социальнй пуонда отделениетын сулууспатыгар сайаапка түһэриэххэ наада.

«Массыыналар бары анал оборудованиенан хааччылыннылар. Быйыл Саха сирин уонча олохтооҕо маннык массыыналарынан хааччылынна. Массыынаны туһаныы болдьоҕо сэттэ сыл буолар. Бу кэм устатыгар Социальнай пуонда Саха сиринээҕи отделениета массыына ороскуоттарын толуйар: уматык, өрөмүөн ороскуота уонна сылга биирдэ массыына өрөмүөнүгэр 30 %-нын сыанатын толуйар», — диэн бэлиэтээтэ Марина Герман.

Хаартыска: Социальнай пуонда пресс-сулууспата
What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

2025 сылга «Мобильнай быраас» бырайыак географията кэҥиэҕэ

2025 сылтан мобильнай быраастар биригээдэлэрэ Саха сирин арктическай оройуоннарыгар эрэ буолбакка, Саха сирин атын уустук…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Бойобуой снайпинг Федерациятын попечительскэй Сэбиэтин салайыаҕа

РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэни Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «Бойобуой снайпинг Федерацията» Бүтүн…

43 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ Арассыыйа Соцпуондатын чөлүгэр түһэрэр кииннэригэр эмтэниэхтэрэ

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн байыаннай дьайыыга кыттыбыт уонна Сэбилэниилээх күүстэр биэдэмистибэлэригэр  үлэлээн бүппүттэр (уурайбыттар,…

57 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Усуйаана нэһилиэгэр харыйа уота сандаарда

Кырачааннары, олохтоохтору үөрдэ-көтүтэ бэҕэһээ тоһуттар тымныылаах, дьүкээбил суһумнуур ыраах хоту сытар Усуйаана улууһун Усуйаана нэһилиэгэр…

58 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 9 саастаах оҕону түҥнэри көппүт суоппар миэстэтиттэн куоппут

Дьокуускайга ахсынньы 14 күнүгэр Халтурин аатынан уулуссаҕа суоппар массыынанан сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону түҥнэри…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ ыытыллыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев бу сыл ахсынньы 19 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин  иһитиннэриэҕэ. Кини…

2 часа ago