Салгыы
Социальнай ситимҥэ тарҕаммыт видеонан бэрэбиэркэ ыытылынна

Социальнай ситимҥэ тарҕаммыт видеонан бэрэбиэркэ ыытылынна

Ааптар:
13.09.2024, 17:26
Видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн  Дьокуускай куорат элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэнин таһыгар баар оҕо былаһааккатыгар кыргыттар  бытыылка тутан баран, сиргэ охтор  видеолара тарҕанна. Бу маны көрөн үгүс киһи дьиксиннэ.

Ис дьыала  министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн,  полиция үлэһиттэрэ туһааннаах видеонан бэрэбиэркэ ыыттылар. Ол курдук бу видеону Хабаров уулуссатыгар устубуттар. 4-с нүөмэрдээх полиция отделын  саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар иниспиэктэрдэр  бу оҕолору кытары көрсөн кэпсэттилэр.  Кыргыттар куорат биир оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччилэрэ  эбит. Кинилэр кэпсээбиттэринэн, уруок кэнниттэн  оҕо былаһааккатыгар  баар хачыалга хатааһылаан,   мэйиилэрэ эргийэн охтубуттар. Билигин оҕолор төрөппүттэрин кытары профилактическай үлэ ыытыллар.

+1
3
+1
5
+1
3
+1
0
+1
15
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: