Социальнай төлөбүрдэр индексацияланан, төһө буоллулар?
2025 сылга социальнай төлөбүрдэр индексациялара бигэргэнэн, үрдээтилэр. Дьэ, төһө буолбуттарый?
«Дьиэ кэргэн» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала — 316 200 солкуобай. Үһүс эрэ оҕоҕо буолбакка, төрдүс, онтон кэлэр оҕоҕо эмиэ бэриллэр буолла.
«100 сыл оҕолоро» хапытаал — 116 756 солкуобай. Болдьоҕо өссө 5 сылга уһаата. Саха сиригэр бастайааннай олорор төрөппүттэрдээх, саҥа төрөөбүт оҕолорго барыларыгар бэриллэр.
Дьокуускай куоракка маннык төлөбүрдэргэ индексация бигэргэннэ:
Оскуолаҕа кэтэр, спортивнай, о.д.а. оҕо таҥаһын ыларга элбэх оҕолоох, кыаммат ыалларга сылга биирдэ бэриллэр төлөбүр — 4534 солкуобай (хас биирдии оҕоҕо).
Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) биирдэ бэриллэр төлөбүр — 50 910 солкуобай.
Бу туһунан Дьокуускай куораттааҕы социальнай управление иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: