Социальнай төлөбүрдэр үрдүүр болдьохторо бигэргэннэ
Муус устар 20 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бүддьүөт суотуттан бэриллэр сорох социальнай төлөбүрдэр индексацияланар бэрээдэктэрин уонна болдьохторун бырабыыталыстыба мунньаҕар бигэргэттилэр.
Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова эппитинэн, бу төлөбүрдэр сыл аайы тохсунньу 1 күнүттэн индексацияланар (үрдүүр) буолуохтара. Онуоха ааспыт сыл сыаналарыттан тирэҕириэхтэрэ.
Ол чэрчитинэн, бу маннык төлөбүрдэр индексацияланыахтара:
— букатын көрбөт инбэлииттэр биэнсийэлэригэр ыйдааҕы эбии төлөбүр;
— тыыл бэтэрээннэригэр, үлэ бэтэрээннэригэр, репрессияттан эмсэҕэлээбит уонна реабилитацияламмыт дьоҥҥо, сэрии оҕолоругар (1927 сыл балаҕан ыйын 3 күнүттэн 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт, Саха сиригэр бастайааннай олорор дьон) бэриллэр ыйдааҕы төлөбүрдэр, социальнай босуобуйалар, эбии төлөбүрдэр;
— быраас ырыссыабынан бэриллэр, босхо эминэн хааччыйыы бырагырааматыгар киирэр төлөбүрдэр;
— айан-суол социальнай билиэтин (социальнай проезной) суумата;
— элбэх оҕолоох, кыаммат (дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына) ыал оҕотугар оскуолаҕа кэтэргэ, спортивнай таҥаһы ыларга бэриллэр көмө харчы;
— эдэр ыалларга бастакы оҕолоро төрөөтөҕүнэ (3 ыйыгар диэри иитэ ыллахтарына) биирдэ бэриллэр харчынан төлөбүр;
— сокуоннай саастарын туола илик 10-тан элбэх оҕолоох уонна оҕону иитэр ыаллар тырааныспар ылалларыгар биирдэ бэриллэр төлөбүр;
— тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор оҕо дьиэтиттэн тахсалларыгар биирдэ бэриллэр босуобуйа;
— дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэргэ ороскуоту толуйар төлөбүрдэр;
— оҕону иитэ ылбыт төрөппүккэ уонна патронатнай иитээччигэ бэриллэр ыйдааҕы төлөбүрү суоттуурга базовай (алын) кээмэйэ;
— кырдьаҕас киһини көрөн-истэн олорор киһиэхэ бэриллэр ыйдааҕы төлөбүр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: