Бу сайын Маар Күɵлгэ Эдуард Соколов-Тулусхан үбүлүɵйдээх ыһыаҕар убайбын Бээчэни-Вячеслав Максимовы кэргэнинээн Дуунньалыын уонна саастаах далбар хотуну илдьэ сылдьалларын кɵрсɵн: «Аймаххыт да?», — диэн ыйыппыппар, «Ээ, суох кɵрɵр кырдьаҕаһым дии», — диэбитигэр олус сэргии истибитим. Онтон-бэттэх хас эмэ ый ааста.
Ол кэмҥэ манан диэн эттэххэ, отой билбэт киһигин, буолаары саастаах киһини ыраах айаҥҥа, малааһыҥҥа илдьэ сылдьар улахан эппиэтинэс ээ уонна кɵрүүтэ-харайыыта элбэҕи ирдиир дии санаабытым. Онтум баара… Дьэлиэнэ — Бээчэни социальнай үлэһит эрэ быһыытынан буолбакка сиэн уолун курдук күннэтэ күүтэр киһитэ эбит…
Социальнай харалта салалтата кырдьаҕастарга, доруобуйаларынан хааччахтаахтарга, кыаммат араҥа ыалга кɵмɵлɵһɵр сыаллаах үлэлиир. Соҕотох олорор кырдьаҕастарга социальнай үлэһит нэдиэлэҕэ иккитэ кэлэн араас үлэнэн кɵмɵ буолар соруктаах.
Вячеслав Максимов-Бээчэ сарсыарда аайы соҕотох олорор аҕа саастаах далбар хотуттарга кɵмɵ буолар сыаллаах үлэҕэ ыстанар. Бүгүҥҥү күнүн Дорбой биригээдэтигэр үйэ чиэппэрэ агрономунан үлэлээбит, дьокутааттаабыт, олоҕун үлэҕэ анаабыт Елена Спиридоновна Сидороваҕа кɵмɵ буола кэллэ.
Елена Спиридоновна уолун кэриэтэ күннэтэ күүтэр социальнай үлэһитин: «Хайа кэллиҥ, бүгүн дьэ, хаарбытын күрдьэбит ээ», — диэн үлэ барылын кэпсиир эҕэрдэтинэн кɵрүстэ. Дьэлиэнэ этэринэн: «Эдэр сылдьан бэйэбин бүтүннүү үлэҕэ биэрэн билигин соҕотохпун, онуоха социальнай үлэһиттэр баар буолан абырыыллар. Тугум эрэ алдьанна, быһынна, ойунна да уолбун Славаны ыҥырабын, түргэн үлүгэрдик кэлэн кɵмɵ буолар, уонна онтон маһым, мууһум, дьиэ иһигэр кыанымаары гыннахпына кэргэнэ Дуунньа кэлэн кɵмɵлɵһɵр, кэлэллэрин күүтэбин, Слава «член семьи» буоллаҕа», — диир. Бээчэ күн ɵрүү-ɵрүү Еленаҕа кэлэн сарсыардааҥҥы итии чэй сыпсырыйа-сыпсырыйа арааһы кэпсэтэллэр, ол кэннэ таһырдьа ыстанар. Оттук маһын кыстаан хаарын күрдьүбүтүнэн барар.
Вячеслав Максимов: «Сэттэ кырдьаҕаһы кɵрɵбүн дьиэ тас үлэтэ, маҕаһыыҥҥа баран кэлии, эми-тому ылыы биһиги үлэбит, 2013 сылтан бу далбар хотуттары кɵрɵн-истэн элбэххэ үɵрэнэбин даҕаны…»
Чааһынай дьиэҕэ олорор соҕотох кырдьаҕастарга үлэ элбэҕэ биллэр. Бээчэ кɵрɵр-истэр сэттэ киһитигэр олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһар, туох баарынан кɵмɵлɵһɵр, кинилэри аралдьытар сыаллаах сир аһыгар, ыһыахха кытта илдьэ сылдьар.
Бээчэ — Елена Спиридоновна дьиэтээҕи түбүгүн үмүрүтэн аны Клавдияҕа турунуоҕа, онно кинини эмиэ атын үлэ уонна ураты сэһэн-сэппэн кɵһүтэр.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…