Социальнай үлэһиттэр нэдиэлэлэрэ ыытыллар
Бэс ыйын 8 күнүгэр Социальнай үлэһит күнэ бэлиэтэнэр. Маны тэҥэ, Арассыыйаҕа социальнай сулууспа тэриллибитэ 105 сыла киэҥник бэлиэтэнэр. Бу нэдиэлэ устата араас тэрээһиннэр ыытылыннылар, социальнай үлэһит нэдиэлэтэ ыытылла турар. Өрөспүүбүлүкэ бары социальнай тэрилтэлэрин салайааччылара мустан, сэминээрдэргэ, кэлиэгийэлэргэ, стратегическай сессияҕа, о.д.а. кытыннылар.
— Социальнай сулууспа үлэһиттэрэ — дьоҥҥо көмөлөһөр аналлаах, ураты үлэлээх дьон. Үлэһиттэр таһымнарын сайыннарыыга, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүүгэ, настаабынньыктаһыыга, хамнастарын үрдэтиигэ болҕомто ууруллар. Маны таһынан, атын эрэгийиэннэри кытта уопут атастаһыыта, идэ маастарыстыбатын куонкурустарыгар, ол иһигэр «Үлэ киһитэ» бириэмийэҕэ кыттыы, бырайыактары үлэлэтии, култуурунай, спортивнай күрэхтэһиилэргэ көхтөөх кыттыы үлэһиттэри көҕүлүүр, — диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова бэлиэтээн эттэ.
«ПСИсфера» киин психологтара квалификацияны үрдэтэр куурустары, трениннэри, маастар-кылаастары ыыттылар. Маны тэҥэ, социальнай үлэһиттэр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда салаатын үлэтин-хамнаһын кытта билистилэр. Нэһилиэнньэни кэлим хааччыйыы социальнай киинигэр экскурсиялаатылар.
Бэс ыйын 10 күнүгэр «Үс Хатыҥ» аттыгар Үлэ сылыгар аналлаах социальнай эйгэ үлэһиттэрин слеттара буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: