Социолингвистика киинэ тэрилиннэ
Соторутааҕыта Саха сиригэр Социолингвистика киинэ тэрилиннэ. Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн иитинэн тустаах киин соругун, былааннарын тула киин үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта Вилюяна Никитинаны кытта сэһэргэһиибитин ааҕыҥ.
Саҥа киин
– Вилюяна Николаевна, Социолингвистика киинэ туох соруктаах, хаһан тэрилиннэ?
– Кылгастык ахтан аастахха, 1990-с сылларга Саха сиригэр социолингвистикаҕа бастакы олугу уурбут киһинэн тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Петр Алексеевич Слепцов буолар. 2004 сыллаахха билим-чинчийэр соруктаах Тыл бэлиитикэтин киинэ тэриллэ сылдьыбыт, салгыы социолингвистика салаата диэн уларыйбыт, биэс сыл курдук үлэлээбит. Тыл Сэбиэтин үлэтигэр улахан төһүү буолбута диэн бэлиэтииллэр. Салааны оччолорго тыл билимин хандьыдаата (билигин дуоктар) Нина Иннокентьевна Иванова салайбыта. Ол салааны сөргүтэн, РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун иһинэн Социолингвистика киинэ ааспыт сыл бэс ыйыттан аһыллан үлэлээн эрэбит.
Күн бүгүн тустаах киин алта үлэһиттээх, салайааччыбыт тыл билимин хандьыдаата, хотугу омуктар тылларын, култуураларын чинчийэр Наталия Егоровна Захарова буолар. Билигин хотугу омуктар тылларын, тыллар булкуһууларын, элбэх тылланыыны үөрэтэр. Тыл билимин дуоктара Нина Иннокентьевна Иванова билим өттүн салайар. Биһиги хайысхабытын ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан биэрэр. Кини тыл бэлиитикэтин, тыл туругун чинчийиинэн дьарыктанар.
Мин оҕо саҥатын чинчийии тиэмэтигэр үлэлиибин. Магистратураны бүтэрэн эрэр эдэр, кэскиллээх үлэһиппит Игорь Данилов саха тыла араас эйгэҕэ туттуллуутун үөрэтэр. Дьон-сэргэ тоҕуоруһар сиригэр, дьиэҕэ-уокка, бэйэ икки ардыгар кэпсэтии хайдаҕын үөрэтэр. Саха уонна эбээн тыллаах (эбэҥки тылынан суруйуон сөп) икки лабарааннаахпыт. Ити хайысхаларынан үлэбитин саҕалаатыбыт.
Социолингвистика тыл уопсастыбаҕа хайдах үлэлиирин, туох, хайдах туруктааҕын, салгыы хайдах сайдыан сөбүн чинчийэр. Билигин тыл туругун чинчийэн баран, салгыы хайдах гынан балаһыанньаны тупсарар, көннөрөр туһугар үлэлэһиэхтээхпит. Биллэн турар, уопсастыбабыт олус түргэнник сайдар, ону кытта тэҥҥэ ситиһэн, хардыылаан иһэр ирдэнэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ
– Тус бэйэҥ чинчийиигиттэн үллэстэ түһүөҥ буолаарай?
– Тустаах кииҥҥэ үлэҕэ киириэхпиттэн, судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн Уус Алдан уонна Нам улуустарыгар бырайыактыыр чинчийии оҥордум. Түмүк көрдөрбүтүнэн, Уус Алдан улууһун 11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ сахалыы саҥарар таһымнара 90% тэҥнэһэр, Нам улууһугар 79% тэҥнэһэр. Үрдүкү кылаас оҕолоро сахалыы билэллэр, онтон төһөнөн алын кылааска түһэн чинчийии ыытан истэхпит аайы, холобур, алын кылаастарга көрдөрүү 40% диэри түһэр. Ити эрээри, биирдиилээн-иккилиилээн нэһилиэккэ алын кылаас оҕолоро сахалыы саҥарар таһымнара үчүгэйэ бэлиэтэнэр. Тус бэйэм санаабар, сорох нэһилиэктэринэн тыл тупсар сибикитэ баар буолуох курдук быһыылаах. Тылбыт чахчы уустук, сыыйа сүтэр туруктааҕын дьон өйдөөн, күүскэ турунуутун кытта ситимнээх дии саныыбын. Улуустарынан далааһыннаах хамсааһыннар, үлэ барар, Бырабыыталыстыбаттан өйөбүл оҥоһуллар. Бу дьайан эрэр буолуон сөп диэн сабаҕалыыбын. Дьиҥэр, үп көрүллэн бары улуустарынан кэтээн чинчийии оҥоһулуннар, үс-түөрт сылынан уларыйыы хайдах барара, хамсааһын (динамика) хайдаҕа дьэ илэ көстүө этэ.
Биллэн турар, бу бырайыактыыр ньыма буолар. Урут улууска миэстэтигэр бэйэм тиийэн нэһилиэнньэтин ахсаана төһөтүнэн, киинтэн төһө ыраах сытарынан көрөн, оҕолору талан ылан кэпсэтэрим, тылы төһө бэркэ билэллэрин үөрэтэрим. Бу сырыыга хас биирдии нэһилиэккэ чинчийиини ыытарга сорудах бэриллибитэ. Ыйыллыбыт болдьох иһигэр соҕотоҕун улуус бары нэһилиэктэрин барытын тилийэ сүүрэрим кыаллыбатынан, чинчийиигэ миэхэ көмөлөһөр дьону үөрэппитим. Ити этиллибит икки улууска оҕолор саҥаларын үөрэтэн көрдүбүт. Салгыы өссө тупсарыахпыт дии саныыбын.
Бу иннинэ эрдэ Ньурба, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай улуустарын биирдиилээн оскуолаларыгар бара сылдьыбытым. Холобур, оччолорго 2019 сыллаахха Маҕараска интэриниэт хото киирэ илигин быһыытынан, оҕолор саҥаларын туругун көрдөрүүтэ үчүгэй этэ.
Дьаҥ кэмэ эмиэ улаханнык дьайда быһыылаах. Туох кистэлэ кэлиэй, оҕолор түөрт эркиҥҥэ олорон аралдьыйаллара эрэ төлөпүөн этэ. Ити эмиэ сүтэ-оһо охсон хаалбата биллэр.
Биир идэлээхтэрим чинчийиилэрэ туоһулуурунан, улахан дьон ортотугар саха тылын билии үчүгэй. Оттон хотугу омуктар бэйэлэрин төрөөбүт тылларын билиилэрэ 3-9% тэҥнэһэр, ийэ тылын билэр оҕо ахсаана букатын аҕыйах.
Чинчийииттэн сиэттэрэн
– Ити чинчийии түмүгүнэн туохха болҕомто уурар, тугу тупсарар ирдэнэр эбит диэн бэлиэтиигин?
– Оҕо төрөөбүт тылын билэрэ-билбэтэ, ийэ тылынан сайа саҥарара-саҥарбата дьиэ кэргэнтэн олус улахан тутулуктаах. Ол эрээри, иитээччилэр, учууталлар сүҥкэн быһаарар оруоллаахтар. Тоҕо инньэ диибин? Холобур, ис-истэриттэн айымньылаахтык үлэлиир иитээччилэр, уһуйааннар оҕолоро сахалыы олус бэркэ саҥараллар. Кыһаллан үлэлиир учууталлар үөрэнээччилэрэ эмиэ харахха тута быраҕыллаллар. Оттон оҕолору кыайан сахалыы саҥардыбатах учууталлар үөрэнээччилэрэ нууччалыы эйгэ сабыдыалыгар киирэн, симэлийэн, сыыйа нууччалыы саҥаҕа көһөллөр.
Маны тэҥэ оскуола эйгэтиттэн улахан тутулуктааҕа көстөр. Тэрээһин олоччу сахалыы ыытыллар үөрэх кыһаларыгар, оҕолор лаппа үчүгэйдик сахалыы саҥараллар.
Нууччалыы учуобунньугунан даҕаны үөрэнэ сылдьан, сахалыы эйгэ тэриллибит түгэнигэр оҕолор сахалыы саҥараллар. Эйгэ кыайан тэриллибэтэҕинэ, дьиэлэригэр төһө даҕаны сахалыы кэпсэппиттэрин иһин, оҕолор улаатар саастарыгар сыыйа нууччатыйан бараллар.
– Инникитин хайдах быһыылаахтык, хайдах үлэлиир былааннааххыт?
– Ити ыйбыт хайысхаларбытынан салгыы үлэлиэхпит, кэҥээн иһиэхпитин баҕарабыт. Тыл бэлиитикэтин, тыл туругун чинчийэр уонна ол хайдах сайдыан сөбүгэр сүбэлэри биэриэхтээхпит.
Аҕыйах хонуктааҕыта киин иһинэн кэпсэтии түһүлгэтин (коммуникационная площадка) тэрийдибит. Урут билим туспа үлэлиир, уопсастыбаннас туспа сылдьар курдук этэ. Билигин, бастатан туран, тустаах киин биһиги чинчийиилэрбитин уопсастыбаннаска көрдөрөр ньыма быһыытынан үлэлиэхтээх. Иккиһинэн, уопсастыбаннас өттүттэн санаа атастаһыыта (интерактив), сэһэргэһии баар буолуохтаах, туох чахчылары эрэйэллэрин биһиги билиэхтээхпит. Манна уопсастыбаннаһы эрэ хаппакка, былаас, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр бары түмсэн, сүбэбитин холбоон үлэлиэ этибит диэн көрөбүт. Салгыы бу түһүлгэҕэ уопсастыбаҕа тыл туругун тула кэпсэтиилэр тахсыахтаахтар. Бастакы түһүлгэҕэ уопсай боппуруоһу хаптыбыт, онон бэрт киэҥ кэпсэтии таҕыста. Кэлин хайдах табылларынан көрөн, аттаран биирдиилээн кыһалҕаларга, боппуруостарга туһаайыллыбыт көрсүһүүлэри тэрийэр толкуйдаахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: