“Содействие занятости” федеральнай бырайыакка 2,5 млрд солк. көрүллүөҕэ
“Содействие занятости” федеральнай бырайыак үлэлиэҕиттэн, үлэтэ суох дьон араас куурустарга босхо үөрэнэр кыахтаннылар.
РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин иһитиннэрбитинэн, туһааннаах бырайыакка дьону босхо үөрэттэриигэ бүддьүөттэн 2,5 млрд солк. тыырыахтара.
«Бу үп-харчы үлэ ырыынагар каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ үлэлиир тэрилтэлэргэ грант быһыытынан бэриллиэҕэ», – диэн Михаил Мишустин бэлиэтээн эттэ.
Бу үбүлээһин суотугар 46 тыһыынча киһи саҥа идэлэри баһылыахтара. Ол иһигэр оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ иитээччи, тутааччы, чэпчэки бырамыысыланнас үлэһитэ идэлэргэ үөрэниэхтэрэ.
Кимнээх босхо үөрэниэхтэрин сөбүй?
— үлэтэ суохтар,
— 35-гэр диэри саастаах сорох категория гражданнар,
— 50 саастарын ааспыт дьон,
— үлэлэриттэн уурайаары сылдьар дьон (работники под риском увольнения),
— кыра оҕолоох дьахталлар,
— Украинаттан тэскилээччилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: