Салгыы
Софья Александрова: «Аммалар – бары бииргэ!» девиһинэн үлэлиибит»

Софья Александрова: «Аммалар – бары бииргэ!» девиһинэн үлэлиибит»

03.08.2023, 19:00
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ анаан, сорох улуустарга көмө пуондатын тэрийэн, үп хомуйан үлэлииллэр.

Амма улууһа байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан пуонда тэрийэн көмө оҥорор. Ол туһунан Амма улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата, СӨ Үтүөлээх бырааһа Софья Александрова кэпсиир:

— Амма улууһугар билигин быстах байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорор икки хамыыһыйа үлэлиир. Бастакы хамыыһыйанан байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарга көмөлөһөр пуонда тэриллибитэ. Бу пуонда иһинэн баҕа өттүнэн көмөлөһүөн баҕалаах нэһилиэнньэттэн кыбаарталга биирдэ үп хомуллар. Пуондаҕа киирбит үбүнэн уолаттарбыт бааһыран баран эмтэнэллэригэр, кэлэллэригэр-баралларыгар үптэрэ тиийбэтэҕинэ көмөлөһүүгэ, кинилэр мал-сал атыылаһалларыгар, куһаҕан буолбут уолаттары дойдуларыгар аҕалан ийэ сирдэригэр кистииргэ көмөлөһөргө ананан турар. Пуондаҕа барыта 9 мөлүөйүөн курдук харчы хомуллан уолаттарыбытыгар көмө оҥоһулунна. Амма улууһун нэһилиэнньэтэ бүттүүнэ, кэллэктииптэр, биирдиилээн дьон, биэнсийэлээхтэр бары ис дууһаларыттан, баҕа өттүлэринэн көмөлөһөллөр.

Пуонданы мин салайабын, 18 чилиэннээхпит. Пуондаҕа киирбит сайабылыанньаны, мунньахтаан тута көрөн, боротокуоллаан көмөлөһөбүт. Үп-харчы туохха туттуллубутун «Амма олоҕо» хаһыакка уонна социальнай ситиминэн, интэриниэт саайтынан отчуоттуубут. Улуус баһылыга Степан Кузьмин салайааччылаах бөлөх муус устар ыйга байыаннай эпэрээссийэ буола турар сиригэр уолаттарбытын көрсөн кэлбитэ.

Оттон, олунньу ыйга Владивосток, Уссурийскай, Хабаровскай куораттарга госпиталларга сытар уолаттарбытын көрө-истэ, көмөлөһө быраастар уонна уйулҕа исписэлиистэрин бөлөҕүн салайан илдьэ сылдьыбытым. Бу бастакы сырыыбыт этэ, уолаттарбытыгар уйулҕаларын чөлүгэр түһэрэргэ көмө наадатын дакаастаан турабыт. Амма улууһугар эмиэ уйулҕа көмөтүн киинэ аһыллан үлэлээн эрэр. Бу кииҥҥэ байыаннай дьайыы кытыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, чугас дьонноро эмиэ көмө ылаллар. Биһиги улууспутугар үс психологтаахпыт, кинилэр бары Санкт-Петербурга уонна Дьокуускайга анал үөрэҕи ааһан тураллар. Онон уйулҕа үөрэхтээхтэрбит дьоммутугар-сэргэбитигэр сөптөөх көмөнү оҥоруохтара диэн эрэнэбит.

Иккис хамыыһыйабыт байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр быһаччы көмөлөһөр аналлаах. Бу хамыыһыйаны улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова салайар. Бу хайысхаҕа эмиэ улахан үлэ барар. Холобур, уолаттарбыт ситэ туппакка барбыт дьиэлэрин ситэрэн тутуу, дьиэ кэргэттэрэ олоххо-дьаһахха тутталларыгар дастабырыанньа, оттук маһы бэлэмнээһиҥҥэ, ититии ситимигэр холбооһуҥҥа, о.д.а. боппуруостары быһаарыыга үлэлэһэ олороллор. Биир да киһи туора туран хаалбат, «Аммалар – бары бииргэ!» диэн девизтээхпит. Бу девиһинэн салайтаран бары бииргэ үлэлии олоробут.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 87% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: