Софья Баранова «Үйэлээх үгэһи үксэтээччи” аатын сүктэ

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Олоҥхо ыйын чэрчитинэн,  СӨ үтүөлээх артыыската, режиссер, худуоһунньук, олоҥхону толорооччу Софья Иннокентьевна Баранова Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕай нэһилиэгин олоҥхоһута П.Г.Романов-Мыланыыскай «Кыыс Ньургустай» олоҥхотун толорон, олоҥхо дьоро киэһэтин бэлэхтээтэ.

Быйыл П.Г. Романов-Мыланыыскай төрөөбүтэ  130 сылынан олоҥхото киэҥ эйгэҕэ тарҕанна. Софья Иннокентьевна олоҥхону ураты тыыннаан толоруутун дьон-сэргэ дуоһуйа иһиттэ. Олоҥхо персонажтарын ырыатын тойугун кэрэтин сэргээтилэр, астыннылар.

Софья Иннокентьевнаҕа култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын методиһа Э.М.Павлова  Мэҥэ Хаҥалас улууһун эҕэрдэ суругун туттарда, Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Е.Н.Иванова «Үйэлээх үгэһи үксэтээччи” үрүн көмүс бэлиэни  туттарда, Хаптаҕайтан Романов-Мыланыыскай биир дойдулаахтара, Мыланыыскай аймахтара махтанан сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар, биир дойдулаахтара Ходоро нэһилиэгиттэн  аймахтара, бииргэ үөрэммит  кылааһынньыктара эҕэрдэлээтилэр.

Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо дьоро киэһээни бэлэхтээбит Софья Иннокентьевнаҕа саха олоҥхотун тарҕатар, сайыннарар айар үлэтигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, махталлаах көрөөччүлэри баҕардылар. Олоҥхо дьоро киэһээтин бэлэхтээбитигэр дириҥник махтаннылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

9 часов ago