Соҕурууттан төннүү сүрүн төрүөтэ…

Share

Дойдубутугар от-мас көҕөрө илик эрээри, салгын сыта, күн уһаабыта, хаар ууллуута, барыта биири туоһулуур – саас кэллэ, саас кэллэ! Өссө биир саха сүрэҕин үөрдэр туоһулар – соҕурууттан көтөн кэлэр кус-хаас бииһин ууһа. Күөл кытыытыгар олорор ыаллар хопто аймалҕаныттан сүгүн утуйбаттар, эр дьон, үрдүлэринэн ааһар кус үөрүн сайыһа хаалаллар. Үгүспүт кыра оҕо эрдэхтэн биир ыйытыыга ыллара сылдьыбыт буолуохтаахпыт – көтөрдөр тоҕо төннөллөрүй? Бу туһунан учуонайдар тугу кэпсииллэрий?

КЫСТЫЫ КӨТҮҮ СУОЛТАТА

Сахалыы толкуйдаан көрдөххө, көтөр кыһын соҕуруу көһөрүн сылтаҕа өйдөнөр – тымныыттан куотуу. Мууһунан уонна хаарынан бүрүллүбүт дойдуттан ичигэс дойдуларга тэскилээн тыыны сал­ҕааһын – ууһааһын сөптөөх ньымата. Оччоҕуна улар, куртуйах курдук көтөрдөр тоҕо хаалалларый? Маны аһылык көрүҥэ быһаарар – үөнүнэн-көйүү­рүнэн, туораҕынан, күөх отунан аһыыр көтөр кыһынын аһыыр аһа суох хаалар. Холобур, улар куртаҕа биир уратылаах – кинилэр куртахтара целлюлоза курдук уустук бэссэстибэни буһарар кыах­таах. Онон атын көтөр кыа­йан сиэбэт аһын, мутукчаны, үнүгэһи сиир кыах­таах. Тайҕа аарыма көтөрө (улар ыйааһына эмиэ ыраах көтүүнү соччо сөбө суох оҥорор) кыһыны туоруур кыахтаах. Атын кыстыыр чыычаахтар эмиэ кыһын ас булунар кыахтаахтар.
Чэ, ити кыһалҕа өйдөнөр өттө. Оттон соҕуруу дойдуттан кырбый кынаттаахтар тоҕо эргиллэн кэ­­лэллэрий? Төгүрүк сыл устата ас-үөл дэлэй сиригэр олохсуйар – ууһаа­һын ордук ньымата буолаарай? Биллэн турар, бу көстөн турар чахчы буолбатах. Сылаас айылҕа биир өрүтэ – кураан кэм. Ас-үөл кураан кэмигэр тутахсыйар, уу уолар. Ол эрэн, соҕуруу дойду барыта уот кутаа буолбат, куруутун ырай тэҥэ айылҕа­лаах дойдулар аҕыйаҕа суохтар. Бу маннык сиртэн тэскилииргэ сүрүн сылтаҕынан уйаланыы кыһалҕата буолар. Үчүгэй сиргэ кыыл-сүөл элбэх, олор истэригэр адьырҕа да кыыллар бааллар, сиир ас былдьаһар көрүҥнэр да үгүстэр. Онон туундара киэҥ нэлэмэн ньууругар бүөм сири булан уйаланыы ордук табыгастаах буолар. Уонна сааскы тыллыы кэмигэр соҕурууҥҥу сирдэри куоһарар кыахтаах ас-үөл эгэлгэтэ тахсар, уйаҕа үөскээбит эбии хас да айаҕы аһатарга бу эмиэ улахан көдьүүстээх?

ТӨРҮТ ДОЙДУ – ХОТУ ДУУ, СОҔУРУУ ДУУ?

Хотугу норуоттар остуоруйалара үгүстэрэ кыстыы көтөр көтөрдөр төрүт дойдуларынан соҕуруу сири ааттыыллар. Саха остуоруйатыгар маннык суруллар: сымыыт сыты­йар өҥүрүк куйаас турбутугар көтөрдөр мунньахтаан хахханы чуҥната ыыталлар. Хаххан обургу көтөн кэлэн баран, мэлдьэһэн кэбиһэр: “Эчикийэ, сыбыс-сымыйанан бара сылдьыбыппын: маска олорор көтөр олоруоҕун биир мас суох дойдута эбит, ууга устар көтөр биир устуох көлүйэ күөлэ суох дойдута эбит. Аан туманынан, тыалынан-холоругунан өрө эргийэ турар сир!» – диир. Уонна ойоҕор кистээн “көһөн, мааны дойдуга аҥаардас тойон-хотун буолан олоруох” диэн кэпсээбитин чөркөй истэн, тыллаан биэрэр. Ити курдук, соҕуруу көтөрдөр Саха сирин булбуттар диэн кэпсэнэр. Орнитология саҥа сайдар кэмигэр эмиэ соҕурууттан хоту көһүү түөрүйэтэ баһылыыр этэ. Оттон билиҥҥи сабаҕа сүрүннээн хотуттан соҕуруу көһүүнү тутуһар. Бу түөрүйэ этэринэн, соҕуруу көһөөһүн Улуу мууһунан бүрүллүү кэмэ түмүктэнэр кэмигэр үөскээбит. Хотугу полушарие муустан босхолонон истэҕин аайы, ас өлгөм сиригэр чугастыы көтүү саҕаламмыт, сааһын уйаланар сирдэригэр төннөр оччолорго олохтоммут. Муус улам ууллан көтөр сир уһаан испит, кэнники тыһыынчанан килиэмиэтирдээх сиргэ көтүү туһаайыылара баар буолбут. Ону сорох билиҥҥи көстүүлэр туоһулууллар. Холобур, Сибииртэн Европаҕа кыстыы көтөр кустар үгүстэрэ Урал хайаларын кыйа көтөллөр, дьиҥэр, килэмиэтири кыайбат үрдүктээх хайалары үрдүнэн көтөр уустуга суох. Ол эрэн көһүү үөскээбит кэмигэр намыһах сирдэргэ муус эрдэ ууллубут, оттон Урал хайалара олус үрдүккэ диэри мууһунан бүрүллэн турбуттар. Онон “урукку үгэһи” тутуһан, быһалыы ааспакка, аныгы көтөрдөр суолтата суох эбии тыһыынчанан килэмиэтирдээх тула эргиир оҥороллор. Ити курдук, билиҥҥи кэмҥэ өйдөммөт туора халыйыылаах көтөрдөр “суоллара” аҕыйаҕа суохтар.

КӨТӨРДӨР СУОЛЛАРЫН ЧИНЧИЙИИ

Көтөр сороҕо кыһын ханна сүтэрин туһунан бэрт соторутааҕы кэмҥэ диэри киһи аймах билбэт этэ. Орто үйэлэр үөрэхтээх дьоно холобур, хараҥаччылары күөл анныгар саһаллар дии саныыллара. Биир өйдөөх киһи хараҥаччы атаҕар кыһыл өрбөҕү баайбыт. Ол өрбөх аныгыс сыл кубары­йан кэлбитин көрөн, чыычаах сир, уу анныгар хорҕойботун билэн хоһуйбут. Ол кэнниттэн көтөрдөрү тиэрбэстээһин саҕаламмыт. Бастакынан сис­­тиэмэ оҥорон тиэрбэстээччинэн Ганс Мортенсен диэн аат­таах учуонай буолбут. 19-с үйэ бүтүүтэ 165 скворец чыычаахха алюминий тиэрбэс кэтэрдибит, кэмин, тиэрбэстэммит сирин ыйбыт. Ити курдук көтөр кыстыкка айанныыр суол­ларын ирдээһин саҕаламмыт. Билигин аан дойду үрдүнэн
5 мөлү­йүөн кэриҥэ көтөр тиэрбэстэммит, бу ньыманан көтөрдөр ахсааннарын, көтөр суолларын, кыстыыр сирдэрин, хастара төннөрүн, килии­мэт дьайыытын уо.д.а. учуонайдар чинчи­йэллэр. Аныгы тиэрбэстээһин спутник, суотабай сибээс ньымаларын туттар, ордук чопчу, киэҥ билиини биэрэр.

САХА СИРИН КӨТӨРДӨРӨ

Биһиги дойдубутугар 270-тан тахса көтөр көрүҥэ уйаланар, олортон 48 көрүҥ дойдубутугар кыстыыр. Уоннааҕылара соҕуруу көтөр көрүҥнэргэ киирсэллэр. Көрүҥ ахсаана чопчу сыыппара буолбатах – сорох харамай көрүҥэ имири эс­­тиэн сөп, сорох көрүҥ атын сирдэртэн көһөн ­дьиэтийиэн сөп. Бу ордук көтөр бииһин ууһугар сыһыаннаах. Холобур, саастаах булчуттар бэркэ билэл­лэр – чиибис диэн аат­таах көтөр олох соторутааҕыта, 60-70 – сылларга эрэ Саха сиригэр кэлбитэ. Билигин манна ситиһиилээхтик уйаланар көрүҥнэргэ киирсэр. Дьокуускай эргин скворец уонча сыллааҕыта биирдэ эмэтэ көстөр этэ, билигин саас көтөн кэлэр үөр чыычаахтартан бастакылара буолбут быһыы­лаах. Бу диэн эттэххэ, барабыай чыычаах 19-с үйэҕэ диэри бу диэки үөдүйбэтэх чыычаах этэ. Куорат олоҕо сайдыбытын кэнниттэн олохсуйбут чыычаах, ол иһин төрүт сахалыы аата суох көрүҥ.

Егор Карпов
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

8 часов ago