Бүгүн Ил Түмэн тохсус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин олохтоох салайыныы уорганнарыгар хаһаайына суох кыыллары көрөр-харайар үлэни толорор дьаһаллары тэрийэргэ судаарыстыба кэккэ боломуочуйаларын сүктэрэр туһунан» өрөспүүбүлүкэ сокуонугар уларытыылары киллэрэр туһунан сокуон барыла көрүлүннэ.
Уларыйыы чуолаан субвенция уопсай кээмэйин быһаарыы итиэннэ ыйыллыбыт үбү муниципальнай оройуоннар уонна куораттааҕы уокуруктар бүддьүөттэрин икки ардыларыгар тыырыы бэрээдэгин туһунан буолар. Ол аата хаһаайына суох кыыллары, чуолаан, биһиэхэ бастакы нүөмэрдээх кыһалҕанан буолбут, ыттары федеральнай сокуонунан өлөрөр кыахпыт суох буолан, олору иитэргэ көрүллэр харчыны бэрээдэктээһин буолар.
Ааспыт сыл Госдуума субъектарга боломуочуйа биэрэн, биһиэннэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуону ылыммыттара. Кыһалҕа быһаарыллыах курдук буолбутугар, аны Мииринэй улууһун кыылы «таптааччылара» сууттаһаннар, бэйдиэ сылдьар ыттары өлөртөөбөккө, иитэргэ күһэллибиппит.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин олохтоох салайыныы уорганнарыгар хаһаайына суох кыыллары көрөр-харайар үлэни толорор дьаһаллары тэрийэргэ судаарыстыба кэккэ боломуочуйаларын сүктэрэр туһунан» сокуон барылын көрүүнэн сиэттэрэн Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев бу кыһалҕалаах боппуруос туһунан санаатын үллэһиннэ.
«Биһиги федеральнай сокуонунан бүгүҥҥү күҥҥэ бэйдиэ сылдьар ыттар ахсаанын аҕыйатар, өлөрөр кыахпыт суох. Ол эрээри биир түгэн баар, өскөтүн хаһаайына суох кыыл быстах кэмҥэ харайар пууҥҥа киирбитин кэннэ биир ый устата хаһаайына көстүбэтэҕинэ, муниципалитет хайдах дьаһанарын бэйэтэ быһаарыахтаах. Эппиппит курдук, Мииринэй уопсастыбанньыктара сууттаһаннар кыайан тураллар. Билигин бу боппуруос аппеляцияҕа бэриллибитэ, инникитин суут быһаарыытын көрүөхпүт. Соторутааҕыта Госдуума дьокутаата Владимир Бурматов кэлэ сылдьан өрөспүүбүлүкэ сокуонун сэҥээрбитэ. Муниципалитеттарга бэриллэр боломуочуйа чопчу ыйыллыбытын бэлиэтээбитэ. Ол эрээри, муниципалитеттарга барыларыгар приюттары тутууну үбүлээһин кыаллыбат. Судаарыстыба муниципалитеттарга итинник боломуочуйаны биэрэригэр үбүлээһинин эмиэ быһаарыахтаах этэ», — диэтэ Алексей Еремеев.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…