Быйыл саас 2013 с. ахсынньы 5 күнүгэр ылыллыбыт 1248‑З № -дээх 51‑V «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биирдиилээн арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии ылыллыбыта. «Арыгы сокуона» күүһүгэр киирдэҕинэ, Дьокуускай куоракка баар арыгыны атыылыыр 60‑ча «сымыйа кафелар» уонна «наливайкалар» сабыллыахтаахтар этэ. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр олоххо киирбит сокуон хайдах туолан эрэрий? Сокуону кэспит атыы-эргиэн, уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр туох дьаһал ылылларый?
Бүгүҥҥү туругунан, Дьокуускай куоракка 200‑тэн тахса уопсай аһылык тэрилтэтэ итирдэр утаҕы уонна пиибэни биирдиилээн атыылыыр. Биллэн турар, биһиги курдук аҕыйах нэһилиэнньэлээх өрөспүүбүлүкэҕэ, биир кыра куоракка, бачча элбэх арыгыны атыылыыр сир баара улахан охсуулаах.
Санатар буоллахха, былырыын Дьокуускай куорат Губинскай уокуругун уонна 202, 203 микро-оройуон олохтоохторун өр кэмнээх туруорсуулара, учуоттанан, сокуон барыла оҥоһуллан, быйыл саас Ил Түмэн ылыммыта.
Сокуон ирдэбилинэн, уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ кыччаабыта 75 кв. миэтэрэ иэннээх сиргэ үлэлиэхтээх, оттон өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар 50 кв. миэтэрэҕэ көҥүллэнэр диэн суруллар. Аны туран, итирдэр утаҕынан эргинэр атыы-эргиэн тэрилтэлэрэ оскуолалартан, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыттан аччаабыта 300 миэтэрэ тэйиччи буолуох-
таахтар. Уһуйааннартан, успуорт уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэриттэн, аэропортартан, баксааллартан, байыаннай эбийиэктэртэн — 200 м. иэтэрэ тэйиччи.
Сокуон, бастатан туран, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр аттыларыгар баар кафеларга арыгыны атыылааһыны хааччахтыа диэн Дьокуускай куорат дьаһалтатын мунньаҕар быһааран тураллар.
Ол эрээри сокуон киирбитин да кэннэ үлэлэрэ тохтуохтаах арыгыны атыылыыр аһылык тэрилтэлэрэ сабыллар санаалара суох. Холобур, Дьокуускай куорат Ленин проспегар турбут «У бати» пиибэ бара 60 сабыллар тэрилтэ испииһэгэр киирбитэ. Ол эрээри, бу бар, балаҕан ыйын саҥатыгар Орджоникидзе болуоссатын биир муннугар, Саха тыйаатырын кытары сэргэстэһэ көһөн соһутта. Дьокуускай куорат биир баар-суох култууратын дыбарыаһа итинник иэдээннээх тэрилтэни кытары «ыаллаһара» сатабыла суох курдук.
“Норуот фрона” эмиэ бэрэбиэркэлээбитин туһунан социальнай ситимҥэ тарҕаммыта. Мантан көстөрүнэн, арыгыны атыылыыр сирдэр миэс-
тэлэрин эрэ уларытан биэриэхтэрин, төһө баҕарар үлэлиэхтэрин, аһыллыахтарын сөп курдук. Дьиҥэ, сэбиэскэй кэмнээҕи курдук, уокуруктарынан, төһө нэһилиэнньэлээҕинэн нуорма
быһыытынан, арыгыны атыылыыр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтин ахсаана быһыллыан сөп эбит.
Кэтэһиилээх сокуоммут төттөрүтүн маннык тэрилтэлэр кэҥииллэригэр, тэнийэллэригэр кыаҕы биэрбит курдук буолла.
Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков бу нэдиэлэҕэ буолбут мунньахха арыгы атыытын хааччахтыыр сокуон киирбитинэн, 60‑ча кэриҥэ уопсастыбаннай аһылык эбийиэгэр сэрэтии оҥоһуллуоҕа диэн эттэ. Кини этэринэн, билиҥҥитэ СӨ ИДьМ участковайдара (учаастактааҕы боломуочунайдара) эрэ, саҥа сокуонунан итирдэр утаҕы атыылыыр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин икки ардыларын уонна иэннэрин көрөллөр. Ааспыт нэдиэлэҕэ участковайдар итинник 28 тэрилтэҕэ сокуону кэспэт туһунан сэрэтии биэрбиттэр уонна икки административнай боротокуолу оҥорбуттар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уопсастыбаннай балаататын социальнай бэлиитикэҕэ, демографияҕа, дьиэ кэргэн уонна оҕо көмүскэлигэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Елена Колесникова, кинилэр өттүлэриттэн арыгы атыытын хааччахтыыр сокуон туолуута хонтуруолланарын уонна сэрэтэр үлэ ыытылларын кэпсээтэ.
— Дьокуускай куорат олохтоохторо маассабай утарсыыны оҥорон, «сымыйа кафелар» уонна «наливайкалар» элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ үлэлии туралларын саптарар туһунан туруорсан, бу сокуон ылылынна. Мин бэйэм бу тэрилтэлэргэ сылдьан көрбүтүм, биллэн турар, киһи үөрбэт хартыыната. Итирдэр утаҕы испит дьон оҕо былаһаак-
катыгар тахсан сыталлар, охсуһаллар, онно тута «тахсан киирэллэр», ол иһин олохтоохтор бэйэлэрин, оҕолорун туһугар кыһалҕаттан туруорсаллар. Маннык түгэҥҥэ ким даҕаны куттал суох буолуо диэн мэктиэлиир кыаҕа суох, онон арыгы атыылыыр туочукалар элбииллэрин сокуонунан эрэ харгыстыахха сөп. Билиҥҥитэ биһиги сокуону оҥорооччуларбыт арыгыны атыылыыр уопсай аһылык тэрилтэлэрин иэннэрин кэҥэтиини киллэрэн хааччахтыыр дьаһалы ыллылар. Урут 25 кв. миэтэрэ-
лээх сиргэ маҕаһыын курдук атыылыыр этилэр, аны 75 кв. м диэри кэҥээтэ. Оттон эн этэр «наливайкаларыҥ» сабыллыбакка, көһөн миэстэлэрин уларыталлара сокуонунан бобуллубат. Онон итинник көстүү баар буолуон сөп. Бу сокуон киириитин бастакы эрэ түһүмэҕэ буолар.
СӨ Урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризм сайдыытыгар министиэристибэтэ сокуон олоххо киирэригэр туох боломуочуйалаахтарын, суобаһа суох урбаанньыттары утары туох үлэ барарын туһунан ыйыталастым. Онуоха маннык эппиэт кэллэ.
«2013 с. ахсынньы 5 күнүгэр ылыллыбыт 1248‑З № -дээх 51‑V «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биирдиилээн арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуон 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирдэ. Мантан инньэ элбэх кыбартыыралаах дьиэ уонна онно сыста турар арыгыны атыылыыр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтин уопсай иэнэ Дьокуускай куоракка 75 кв. миэтирэттэн кырата суох буолуохтаах. Оттон өрөспүүбүлүкэ атын нэһилиэктэригэр 50 кв. м диэри иэннээх сиргэ көҥүллэнэр. Итиннэ бэлиэтээн эттэххэ, сокуон ирдэбилинэн, арыгыны атыылыыр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ анал оҥоһуулаах, бэлэм кулинарнай уонна кондитерскай аһы-үөлү аһыыр сирдээх буолуохтаах.
РФ Бырабыыталыстыбатын кулун тутар 10 күнүнээҕи 336 №-дээх уурааҕынан бэрэбиэркэнии ыытыы бу сыл бүтүөр диэри тохтотуллан турар». Салгыы бүгүҥҥү күҥҥэ СӨ Урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризм сайдыытыгар министиэристибэтин боломуочуйата быстах кэмҥэ хааччахтанан турара этиллэр. Бу түгэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун балаһыанньатын кэспит тэрилтэлэргэ уонна биирдиилээн урбаанньыттарга сэрэтии эрэ бэриллэр эбит. Урбаанньыкка сокуон ирдэбилин толорботун иһин сэрэтиини биэрии инники өттүгэр балаһыанньатын мөлтөтүөн сөп диэн быһаарбыттар. Түмүгэр, бэлиэтээн эттэххэ, урбаанньыттар сокуон ирдэбилин толорууларын өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата хонтуруоллуур диэбиттэр.
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…
Балбахов Виссарион Дмитриевич, үйэ чиэппэрэ кэм устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…
Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…