Сокуону уонна бэрээдэги хааччыйыыны сүрүннүүр мунньах

Share

Бүгүн, атырдьах ыйын 14 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев сокуону уонна бэрээдэги хааччыйыыны сүрүннүүр мунньаҕы салайан ыытта.

Манна биир сүрүн боппуруоһунан сокуоннай саастарын туола илик оҕо уонна ыччат сокуоннайа суох быһыыга-майгыга сыстыытын  утары охсуһар эбии миэрэлэри дьүүллэһии буолла.

Боппуруос олус сытыы. Чопчу быһаарыылары ылбатахпытына, балаһыанньа өссө мөлтөөн барыан сөп. Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа министиэристибэтэ үгүс үлэни ыытар эрээри, ол барытын саба туппат. Бу биир управление буолбакка, бүтүн бырабыыталыстыба, олохтоох салайыныы уорганнара, федеральнай структуралар бииргэ үлэлээһиннэрин эрэйэр сорук. Маныаха  араас патриотическай тэрээһиннэри ыытыы күүһүрүөхтээх», — диэн Айсен Николаев  мунньах кыттыылаахтарын бары эппиэттээх тиһиктэри  түмүүгэ болҕомто ууран, сэрэтэр миэрэлэри күүһүрдэргэ ыҥырда.

Мунньахха, урукку сылларга, ордук 2024 сылга, өрөспүүбүлүкэҕэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара тэтимнээхтик түспүт буоллаҕына, 2025 сылга маныаха үрдээһин бэлиэтэнэр. Бөлөҕүнэн буруйу оҥорууга, уорууга, массыынаны күрэтиигэ, үбү-харчыны былдьааһыҥҥа, ону тэҥэ сокуоннайа суох наркотигы атыылааһыҥҥа уонна информационнай-коммуникационнай технологиялары туһаныыга сыһыаннаах буруй үгүстүк бэлиэтэнэр.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/9913 сигэнэн билсиҥ.

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

10 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

11 часов ago