Салгыы
Солкуобай дуу, валюта дуу?

Солкуобай дуу, валюта дуу?

16.07.2023, 19:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

Арассыыйа дуоллартан уонна евроттан аккаастанар. Ол гынан баран, бу икки валюта сыаналара улаатар уонна биһиги харчыбытын девальвациялыыр, ол аата, сыанатын түһэрэн, толору сыаналаах кредитнэй билиэтинэн солбуйан туран, туттууттан таһаарар эбэтэр кумааҕы харчы официальнай кууруһун намтатар. Валютаны атыылаһан уурунар сөптөөх дуу, солкуобайы дуу диэн ыйытыы үөскүүр. Онон бүгүн аан дойду валютатын ырыынагын ырытан көрүөхпүт.

Ханнык валюта ордугуй?

Аан дойду экэниэмикэтигэр биллэр-көстөр уларыйыы тахсан уонна Арассыыйаны, кинини кытары доҕордуу сыһыаннаах дойдуларга сааҥсыйалар биллэриллэннэр, уустук балаһыанньа үөскээтэ. Ол курдук, ааспыт сылтан дойду олохтоохторун омук валютатыгар (дойду харчытын систиэмэтигэр төрүт буолбут харчы единицата) уурунуулара биллэрдик кыччаата. Оттон олох уйгутун национальнай пуондата дуоллар уонна евро өлүүлэрин бэйэтин бааннарыгар кыччатар уонна Кытай юань харчытыгар уонна кыһыл көмүскэ уларытар. Маннык булкуурдаах кэмҥэ боростуой киһи харчытын ханнык валютаҕа уурунуон сөбүй.

Өскөтүн, ордук харчылаах, онтуккутун быйыл туттар былааннаах буоллаххытына, ханнык даҕаны валютаны ылбаккытыгар эспиэрдэр сүбэлииллэр. Оттон, харчыгытын өр кэмҥэ уурунар буоллаххытына, валютаны үпкүт аҥаарыгар эрэ ылыҥ дииллэр. Валютаҕа уурунуулаах буоллаххытына, билигин Арассыыйа бааннарыттан устар кыаххыт суоҕун сэрэтэллэр.

Урут биһиги билэрбит дуоллар эрэ эбит буоллаҕына, билигин сорохтор евроны эмиэ туһаналлар. Оттон кэнники дойдуга буола турар балаһыанньанан сиэттэрэн, эспиэрдэр гонконгскай дуоллары ыларга сүбэлииллэр. Бу гонконгскай дуолларбыт биир-бииргэ солкуобайы дуолларга уларытарга сыаната тэҥ.

Оттон юаны атыылаһарбыт сөптөөх дуу, суох дуу? Билиҥҥи туругунан, ханнык валютаны ыллахпытына барыстаах буолуой диэн ыйытыыга, биллэн турар, дуоллар уонна евро ордуктар диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, юань дойду ырыынагар саҥа эргийэн эрэр, оттон гонгконскай дуоллар, баҕар, Арассыыйа киин куораттарын бааннарыгар баара буолуо, оттон биһиги бааннарбытыгар суох буолар.

Сорох дьон омук валютата ыарыырыгар-чэпчииригэр наадыйбаппыт диэхтэрэ. Ол гынан баран, син биир аан дойду экэниэмикэтэ онтон улахан тутулуктаах. Оҥорон таһаарыы, тас дойдуга эргинии, дьиэҕэ-уокка туттар тиэхиньикэлэрбит, малбыт-салбыт, о. д.а. үгүстүк дуоллар, евро аан дойду ырыынагар хамсааһыныттан тутулуктаахтар. Биллэн турар, ол барыта биһиги дойдубут харчытын, солкуобайбыт барахсаны, баттыыр, инфляцияҕа тириэрдэр.

Инфляция үрдүүр

Дойдуга сыллааҕы инфляция ыам ыйыгар 2,51% үрдээбитэ бэлиэтэнэр диэн эспиэрдэр суруйаллар. Бу ааспыт сыл ыам ыйынааҕы таһымыттан үрдүк. Өскөтүн сыллааҕы сыана үрдээһинин ылан көрөр буоллахха, өҥөнү оҥоруу сыаната уонна астан-үөлтэн ураты табаардарга сыана биллэ үрдээбит. Ый иһигэр атыылыыр-атыылаһар сыана 0,31% тиийбит.

Арассыыйа Киин баана билгэлээһининэн, ааспыт 2022 сыллааҕы сайыҥҥы күһүҥҥү уонна сыллааҕы уопсай көрдөрүүнэн инфляция улаатан иһэр. Сабаҕалааһын быһыытынан, үп-харчы-кирэдьиит бэлиитикэтин учуоттаан туран, сыллааҕы инфляция 2023 сылга 4,5–6,5% тиийиэ, оттон 2024 сылга 4% улаатыа.

Дуоллар билиҥҥи кууруһа барыстаах дуо?

Билигин Арассыыйаҕа, Киин баан дааннайынан, дуоллар кууруһа 90 солкуобай, евро 100‑н тахса буолан турар. Биһиги бэйэбит эспиэрдэрбит этэллэринэн, 85–86 саамай ордук, сөптөөх куурус эбит. Ол эрээри дойду уопсай экэниэмикэтигэр барыстаах, оттон боростуой дьоҥҥо охсуулаах. Тоҕо диэтэххэ, нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуота кыччыыр кутталлаах. Ол иһин дойду Киин баана оннук балаһыанньа тахсыбатын курдук, бааннар бырыһыаннарын үрдэтиэн, оччоҕо ипотека, кирэдьиит бырыһыана эмиэ улаатыан сөп. Итинник эрэ дьаһаннаҕына, Киин баан дуоллар сыанатын түһэрэр кыахтаах диэн эспиэрдэр сыаналыыллар.

Аан дойдутааҕы эспиэр сыанабыла

AMarkets аан дойдутааҕы брокер анаарааччыта Иззатилла Лутпиллаев Федеральнай солбук систиэмэтэ (ФРС) быйылгы сылга бырыһыан ставкатын тэтимнээхтик үрдэппитин бэлиэтээтибит диэн этэр. Итинник дьаһаныы түмүгэр дуоллар бөҕөргөөбүт уонна инфляция түспүт. Кэнники быһыыттан-майгыттан көрдөххө, ФРС бырыһыан ставкатын инникитин өссө үрдэтэргэ күһэллиэ. Ол аата, дуоллар өссө улаатыа, оччоҕо атын валюталар киниэхэ утары турар кыахтара суох буолуо диэн эспиэр сабаҕалыыр. Онон 2023 сылга инвестициялааһыҥҥа дуоллар саамай сөптөөх активынан буолуо диир кини.

Эспиэр санаата

«Газпромбанк» баан Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Лугинов солкуобай омук валютатыттан сыаната түһүүтэ икки өрүттээх диэн санаатын үллэстэр:

— Бу экэнэмиичэскэй көстүү Арассыыйа бүддьүөтүгэр үчүгэй өрүттээх, ону таһынан бэйэлэрин бородууксуйаларын кыраныысса таһыгар таһаарааччыларга (табаардарын атыылааччыларга уонна өҥөнү оҥорооччуларга) ордук буолуо. Ол быһыытынан, кыраныысса таһыгар табаары атыыга таһаарыы (экспорт) омук валютатынан сыаналанар буолан, биһиги омук харчытын ылабыт уонна ону солкуобайга таһаарабыт. Солкуобай кууруһа түһэр түгэнигэр элбэх харчыны ылабыт, онон биһиэхэ барыстаах, тоҕо диэтэххэ, нолуок, үлэһиттэр хамнастара солкуобайынан төлөнөр.

Арай, солкуобай түһэрэ нэһилиэнньэҕэ, ону таһынан табаары кыраныысса таһыттан атыылаһан киллэриини (импорты) кытары сибээстээх хампаанньаларга ночооттоох. Аны туран, боростуой дьон кыраныысса таһыгар күүлэйдии тахсар сыаната ыарыа. Ону таһынан кыраныысса таһыттан киирэр табаардар — массыына, дьиэҕэ-уокка туттуллар тиэхиньикэ, электроника, ону сэргэ дойдуга оҥоһуллар, ол гынан баран, сорох чааһа омук сириттэн ылыллар табаар сыаната үрдүө. Валюта хамсааһынынан тутулуктанар, сабыдыалланар хампаанньалар оччотугар ороскуоттарын туһанааччыттан сыананы улаатыннаран толуйтарыахтара. Ол эрээри сыана үрдүүр түгэнигэр, нэһилиэнньэ атыылаһыа суоҕун сөп. Маны учуоттуохтаахтарын наада.

Оттон харчыны солкуобайга уурунар, мунньар дьоҥҥо куһаҕаннык сабыдыаллыан сөп. Бааҥҥа уурунууга уонна бырыһыаҥҥа мунньууга счекка сытар үп-харчы куурус намтааһыныттан сүтэриини толуйуохтарын сөп. Онон ночоотурууну кыччатар сыалтан уурунуу харчыны хас да өлүүгэ арааран дьаһаныахха сөп. Холобур, харчыгыт сүрүн чааһын улахан бырыһыаннаах счекка уонна уурунууга хаалларыаххытын сөп, оттон атын өлүүтүн баан атын үрдүк дохуоттаах бырагырааматыгар, инвестиционнай счекка, паай инвестиционнай счетугар, ону сэргэ доҕордуу сыһыаннаах омук дойдутун валютатыгар уурунуоххутун сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: