Солоҕоҥҥо саҥа арыы сыаҕа аһылынна
Бэҕэһээ, сэтинньи 20 күнүгэр, Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр саҥа арыы сыаҕа арыллар үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Бу туһунан “Матта сонуннара” телеграм-ханаал пресс-сулууспатыттан Роман Дмитриев маннык сырдатта:
— Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын солбуйааччы Сардаана Стручкова, Тыа хаһаайыстыбатын салалтатын начальнига Роман Филиппов, «Горнай-Ас» ТХПК салайааччыта Николай Ефремов, Солоҕон нэһилиэгин дьаһалтатын салалтата кыттыыны ыллылар.
Арыы сыаҕа бу иннинэ 1986 сыллаахха тутуллубут эргэ дьиэҕэ үлэлии олорбута.
Улуус дьаһалтата толору үбүлээн, 6 мөлүйүөн солк. суумалаах, 102 кв. м. иэннээх, сэндвич-панель тутууну бэдэрээтчит Николай Прохоров ыытта. Арыы сыаҕын үлэһиттэрэ уонна үүт туттарааччылар өр кэмнээх ыра санаалара туолла.
Маннык толору хааччыллыылаах, арыы сыаҕын эбийиэгэ ааспыт сылга Мытаах нэһилиэгэр үлэҕэ киирбитэ. Бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, Күөрэлээххэ эмиэ бу курдук арыы сыаҕын саҥа дьиэтин үөрүүлээхтик арыйдылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: