Солянкалар сайабылыанньа түһэрдилэр

Share

Өлүөхүмэ улууһун Солянка сэлиэнньэтин олохтоохторун аатыттан бүгүн өрөспүүбүлүкэ Борокуратууратыгар сайабылыанньа түһэрбиттэр. Ол туһунан Дьокуускай куорат олохтоохторо, дойдуларын туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар Вера Смогайлова уонна Анна Лепчикова иһитиннэрдилэр.

Сайабылыанньа ис хоһоонунан алтынньы ый саҥатыгар Солянка сэлиэнньэтин таһыгар гаас үлэһиттэрин баахтабай бөһүөлэктэриттэн Өлүөнэ эбэҕэ түһэр Солянка үрэххэ тэхиньиичэскэй уонна кирдээх ууну быраҕыы буолбут. Ол эбэтэр, “Проект-сервис” ХЭТ алтынньы 3 күнүттэн тэхиньиичэскэй ууну КС-2 бырамыысыланнас былаһааккатыттан Солянка үрэххэ быраҕыылара саҕаламмыт.  Онуоха анаан-минээн турба тардыбыттар.

Солянкалар маннык кирдээх ууну бырахтарыыны кытта сөбүлэспэттэрин биллэрбиттэр. Тоҕо диэтэххэ, бу үрэҕинэн кыһыҥҥы суол ааһар эбит. Ону тэҥэ иһэр уу киртийииэ диэн дьаахханаллар. Онон ааспыт ый 24 күнүгэр олохтоохтор түмсэн мунньахтаабыттар уонна Өлүөнэ эбэни киртитэр кирдээх ууну баахтанан үлэлээччилэр тохпотторун модьуйаллар.

Онон Борокуратуура уонна айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ уу боруобатын түмүгүнэн былааны таһынан бэрэбиэркэни ыытыахтара.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саҥа сылы доруобуйаны айгыраппакка көрсүөххэ

Саҥа дьыл кэнниттэн сорохторго өссө биир уоппуска кэмэ наадатын курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, урукку тэтимнэригэр…

49 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОҔО СААҺЫМ САҤА ДЬЫЛА…

Аҕыйах оҕону бэлэмнээн, хаар түспүтүн кэннэ сыарҕалаах ат булан, пиэримэҕэ кэнсиэрдии барабыт. Миигин бэлэмнээн биллэрээччи…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алексей Еремеев: «Үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан!»

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһигини үүнэн эрэр Саҥа 2026 сылынан уонна Ороһуоспанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Уот кыһыл ат сылыгар туох күүтэрий?

Илиҥҥи халандаар этэринэн, хас биирдии сыл гороскопка баар 12 кыыл салалтатынан ааһар. Үүнүөхтээх 2026 сыл…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин!»

Ис сүрэхпиттэн үүнэн иһэр 2026 сылынан эҕэрдэлиибин! Биһиги XXI үйэ иккис чиэппэригэр үктэнэбит. Бэлиэ түгэннэринэн, чаҕылхай ситиһиилэринэн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: ахсынньы 31 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Хаар түһэр дуо? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сорох сиринэн кыра…

4 часа ago