Сомоҕолоһуу күнүн көрсө Иван Мигалкин хоһооннорун аахтылар

Share

Сэтинньи 2 күнүгэр Сомоҕолоһуу күнүн көрсө СӨ Суруйааччыларын сойууһа Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай бэйиэтэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Иван Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар анаан хоһооннорун доргуччу ааҕыыга куонкуруһу тэрийдэ.

Сомоҕолоһуу күнүнэн Саха сирин Суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров эҕэрдэлээтэ уонна Иван Васильевич туһунан истиҥ-иһирэх тылларынан аҕынна. Олег Сидоров ону сэргэ СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владислав Доллоновка «90 лет Союза писателей СССР» мэтээли, Суруйааччылар сойуустарын норуоттар икки ардыларынааҕы уопсастыбаларын  бэрэссэдээтэлэ Ю.В.Коноплянников илии баттааһыннаах дастабырыанньаны үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда уонна саха суруйааччыларыттан бастакынан ылбытын бэлиэтээн эттэ.


Тэрээһин айар дьоҕурдаах дьон ылбаҕай ырыаларынан саҕаланан, «талааннаах дьон барытыгар талааннаах» диэн бэргэн этиини итэҕэттилэр. Ол курдук, Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал, Семен Черноградскай, Зоя Данилова-Кэкэрдэ Зоя, Валентина Саввина-Оһуордаах, Александра Жиркова-Дьүөрэл, Валентина Пинигина-Арылы, Татьяна Никитина-Тупсууна уонна Анисия Никодимова-Чочуйаана Александр Никифоровтыын дуэтынан уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Иван Мигалкин хоһооннорун доргуччу ааҕыыга өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан: Горнайтан «Сыккыс», Хаҥаластан «Өлүөнэ долгуннара», Намтан «Отуу уота», Дьокуускайтан «Айар кут», «Кырсаада», «Уран тыл оһуора», «Тыл сүмэтэ» литература түмсүүтүн чилиэннэрэ кытыннылар.
Кыттааччылар Иван Мигалкин араас кэмҥэ суруйбут хоһооннорун уонна хоһооннор тиэмэлэрин табатык аттаран, норуодунай бэйиэт айар үлэтин хоһоонунан киэҥ хабааннаахтык сырдаттылар. Бастакы үктэлгэ Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ («Айар кут» түмсүү), иккис үктэлгэ Татьяна Петрова-Мойуу кыыһа (СӨ Суруйааччыларын сойууһа), үһүс үктэлгэ Татьяна Никитина-Тупсууна («Уран тыл оһуора» түмсүү) тахсаннар, Биһирэбил суруктарынан бэлиэтэннилэр. Ону сэргэ атын кыттааччылар суруйааччылар бэлэх ууммут кинигэлэрин, Иван Мигалкин мэтириэттээх аккырыыккалары бэлэх туттулар. Дьоро киэһэни СӨ Суруйааччыларын сойууһн чилиэнэ Ульяна Бурнашева-Уйана иилээн-саҕалаан ыытта.

«Айар кут» түмсүү  көхтөөх чилиэнэ Анна Григорьева:  «Иван Васильевич Мигалкин норуокка чугас, өрүү дьон-норуот ортотугар сылдьыбыт, тылын-өһүн иһитиннэрбит, сүбэтин-аматын биэрбит дьиҥнээх норуот суруйааччыта этэ. Холобур, ыҥырыыны ылынан, биһиги элбэх тэрээһиммитигэр сылдьара, ол тухары кини кэпсээнэ кэрэхсэбиллээх, салгымтыата суох, көрдөөх-нардаах уонна баары баарынан буолан, болҕойон истэрбит. Куруук этэр этиитэ: «Эһиги миигин бырааһынньыкка астаах остуолга эрэ буолбакка, суруйуу, литература тиэмэтигэр кэпсэтиигэ ыҥыраргыт өссө туһалаах буолуо этэ» диэн буолара», – диэн Иван Мигалкин  киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбаларын бэлиэтээтэ.
Минньигэс астаах бүлүүдэҕэ эмиэ туспа куонкурус тэриллэн, сэбиэскэй кэмнээҕи көрдөөх оонньууларга, биктэриинэҕэ кыттыһан, бу күн бары дуоһуйа сынньанан, бэйэ-бэйэлэрин кытары чугастык билсэн, айар үлэҕэ кынаттанан бардылар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

52 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago