Сомоҕолоһуу оһуохайа норуоту биир тыынныыр
Бүгүн Дьокуускай куоракка Доҕордоһуу болуоссатыгар Арассыыйа күнүгэр анаммыт «Сомоҕолоһуу оһуохайа» буолла.
«Саха норуотун үгэһин тутуһан, култуура диэйэтэллэрэ, ааттаах суоллаах оһуохайдьыттара, устудьуоннар, былаас бэрэстэбиитэллэрэ уонна уопсастыбанньыктар биир сомоҕо буолан, оһуохайдаан дьиэрэттилэр.
Оһуохай дьону сомоҕолуур, Саха сирин норуоттарын биир тыынныыр, эйэни түстүүр. Онон ыччаттарбытын өбүгэ саҕаттан кэлбит нэһилиэстибэҕэ — оһуохайга, култуураҕа уонна ускуустубаҕа сыһыарыы — сүрүн сорук.
Бүгүн бука бары тоҕуоруһан, Сомоҕолоһуу оһуохайын түһүлгэтигэр күн үҥкүүтүттэн күүс-уох ылан, оһуохайдаан ойдубут, түөлбэ күөлэ саҕа киэҥ далай түһүлгэни түстээтибит», — диэн санаатын үллэһиннэ култуура миниистирэ Афанасий Ноев бэйэтин телеграм-ханаалыгар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: