Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бырааттыы норуоттар түмсүүлэрэ

Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бырааттыы норуоттар түмсүүлэрэ

27.09.2022, 12:11
Бөлөххө киир:
А.Е.Кулаковскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура киинэ 2012 сыллаахха Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ диэн статустаммыта. Тэрилтэ норуоттар сомоҕолоһуулара, хардарыта ытыктабыл баар буоларыгар, норуоттар төрөөбүт тылларын, үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын  харыстыылларыгар, үйэтитэллэригэр, култуурунай ситим кэҥииригэр далааһыннаах үлэни ыытар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 80-ча национальнай култуурунай түмсүү баар. Итинтэн 30 Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр түмсэн үлэлэрин-хамнастарын тэрийэллэр. Бу туһунан тустаах тэрилтэҕэ норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа үлэлэһэр салааны салайар Ирина Стрекаловская этэр. Манна сыл аҥаарыгар 80-тан тахса тэрээһин тэриллибит. Онно, быһа холуйан, 5700 кэриҥэ киһи сылдьыбыт.

Бэлиэ тэрээһиннэр

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллар дэкээдэҕэ, түмсүүлэр бары төрөөбүт тылларынан хоһоон ааҕаллара, ырыа ыллыыллара сүргэни көтөҕөр. Кэнники икки сылга төрөөбүт тылынан дьыктаан суруйуута болҕомтону ордук тардыбыт.

Ыһыаҕы сэргэ, сагаалган (буряттар), шагаа (тувинецтар), сабантуй (татардар), навруз (узбектар, таджиктар, азербайджаннар, кыргызтар, казахтар, татардар, башкирдар), соллаль (кэриэйдэр) ыытыллаллара үгэскэ кубулуйбут. Маны сэргэ, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ быыстапкаларга, күрэхтэһиилэргэ, тиэмэлэринэн бэсиэдэлэргэ көмөлөһөр, тирэх буолар.

2014  сылтан “Любовь моя – песня якутская” үрдүк таһымнаахтык ыытыллар. Бырааттыы норуоттар түһүлгэҕэ мустаннар ис дууһаларыттан иэйэн, сөбүлээн сахалыы ырыалары астына, дуоһуйа ыллыыллар.

Саха сиригэр олорор бары норуоттар үтүө санаа аахсыйаларыгар көхтөөхтүк кытталлар. Тулаайах, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго, дьиэлэрин баһаарга, халааҥҥа былдьаппыт дьоҥҥо көмөлөһөллөр. Хас сыл ахсын сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрин эҕэрдэлииллэр.

Улуустары кытта үлэ

Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ сөбүлэһии түһэрсэн, 14  улууска СӨ норуоттарын Ассамблеятын салаалара үлэлииллэр.

“Якутия – наш общий дом” бырайыак иитинэн, граннарга, куонкурустарга кыттарга сүбэлэр-амалар бэриллэллэр. “Культура межнационального общения” норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыга уруоктар үөрэх кыһаларыгар, үлэ тэрилтэлэригэр ыытыллаллар. Араас омуктар култуураларын, үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын билиһиннэрэллэр.

Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ Дьокуускайга — 7, Покровскайга — 1 оскуоланы кытары хардарыта сибээстээх үлэлиир. Дьокуускай 13 №-дээх оскуолатыгар  “В семье единой” интернациональнай кулууп (сал. А.С.Молонова) тэриллибит.

Ийэ сылынан алтынньыга СӨ олорор норуоттар дьахталларын пуорума былааннанар. Манна дьиэ кэргэн үтүө үгэһин харыстыырга, үйэтитэргэ киэҥ кэпсэтии, быыстапкалар былааннаналлар, элбэх оҕолоох ийэлэри чиэстиэхтэрэ.

Бу курдук Сахабыт сиригэр элбэх ахсааннаах норуоттар бары биир санаанан түмсэн, дойдубут туһугар эйэлээх, сайдыылаах олоҕу туталлар, саҥа саҕахтары арыйарга кыһамньыларын уураллар.

 

Эҕэрдэлэр

Үүнэ-сайда тур

Ходи Оев, Саха сиригэр олорор таджиктар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ:

— Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүнэн истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин. Быйыл Саха АССР 100, Дьокуускай куорат 390 сыллара, Туймаада ыһыаҕа, о.д.а. тэрээһиннэр өйгө-санааҕа дириҥник иҥэллэр. Бэлиэ сыл тэрээһиннэригэр кыттыбыппытынан киэн туттабыт.

Саха сирин бары олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар иллээх олоҕу, чэгиэн доруобуйаны, бары үтүөнү баҕарабын. Тапталлаах Сахабыт сирэ үүнэ-сайда тур.

Эйэ, сомоҕолоһуу өрөгөйдөөтүн

Шартан – Оол Зоя Хоюг-ооловна, тувинецтар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ:

—Биһиги “Тыва” национальнай общинабыт 1993 сылтан үлэлиир. Доҕордоһууну бөҕөргөтүүгэ, эдэр көлүөнэ Саха сиригэр олорор бары норуоттары кытары или-эйэни өрө тутарыгар, дойдуларын туһугар бэриниилээх буолалларыгар тиһиктээх үлэ ыытыллар. Барыгытыгар эйэлээх халлааны, доҕордуу сыһыаны баҕарабыт. Эйэ, сомоҕолоһуу өрөгөйдөөтүн.

Доҕордуу дьоҥҥо ыраах да чугаһыыр

Дьокуускайга кэриэйдэр ассоциациялара:

—Үлэни өрө тутар иллээх олохтоох, элбэх норуоттаах күндү-мааны Сахабыт сирин бары дьонугар-сэргэтигэр халлааммыт өрүү ыраас, күммүт мэлдьи чаҕылхай буола турдун. Доҕордуу сыһыан тугу барытын кыайар. Доҕордуу дьоҥҥо ыраах да чугаһыыр, ыарахан да чэпчиир.

Үйэлэргэ өрөгөйдүү турдун

Халилов Игорь Накипович, СӨ татаардар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ.

—“ТУГАН ЯК” татаардар култуураҕа кииннэрин, тус бэйэм ааппыттан өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар эҕэрдэбин тиэрдэбин. Бэлиэ түгэннэринэн баай сылга, Саха сиригэр Татарстан күннэрэ ыытылыннылар. Ыһыахха Татарстан күннэрин чэрчитинэн, Сабантуй – национальнай бырааһынньыкпыт буолла. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов бырааттыы норуоттар култууралара майгыннаһарын бэлиэтээбитэ сүргэни көтөҕөр. Сир үрдүгэр эйэлээх олоҕу, чэгиэн туругу, Сахабыт сирэ чэлгийэ-чэчирии, үйэлэргэ өрөгөйдүү турдун.

 

 

Сардаана БАСНАЕВА.

Хаартыскалар Айталина Аргунова түһэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: