Сорох биэнсийэлээхтэр биир кэмнээх төлөбүрү ылыахтарын сөп
06.10.2025, 13:30

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
РИА Новости суруйарынан, сорох категория биэнсийэлээхтэр 440 тыһ. солк. тиийэр биир кэмнээх төлөбүрү ылыахтарын сөп. Бу туһунан Госдуума үлэҕэ уонна социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин чилиэнэ Светлана Бессараб иһитиннэрбит.
«Биир кэмнээх төлөбүрү 55 саастарын туолбут дьахталлар уонна 60 саастаах эр дьон ылыахтарын сөп. Маннык төлөбүрдэр, биэнсийэ мунньуллар чааһа биэнсийэлээх тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 10 %-тан итэҕэс буолар түгэнигэр бэриллэр», — диэн бэлиэтээтэ кини.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: