Сорох эрэгийиэннэр Билии күнүн балаҕан ыйын 2 күнүгэр бэлиэтиэхтэрэ
Билии күнэ быйыл өрөбүл күнүгэр түбэһэринэн сорох эрэгийиэннэр бырааһынньыгы балаҕан ыйын 2 күнүгэр көһөрдүлэр.
Ростов, Кемерово, Пенза уобаластарыгар уонна да атын эрэгийиэннэринэн билии линейкэтын номнуо көһөрдүлэр. Билии күнүн бырааһынньыгын Ростов, Кемерово, Тюмень, Пенза уобаластарыгар, ХМАО уонна Татарстаҥҥа балаҕан ыйын 2 күнүгэр бэлиэтиэхтэрэ. Москватааҕы Үөрэх уонна билим департаменын пресс-сулууспатыгар, үөрүүлээх линейкэни бэнидиэнньиккэ уонна саҥа үөрэх дьылын саҕалааһыны көһөрөр туһунан быһаарыы ылыллыбытын бигэргэттилэр. Ол гынан баран, бырааһынньыгы балаҕан ыйын 1 күнүгэр эмиэ бэлиэтиэхтэрэ. «Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Москва куорат 80 паркатыгар үөрэнээччилэр уонна кинилэр төрөппүттэригэр 400-тэн тахса аралдьытар тэрээһиннэр, ол иһигэр бастакы кылаас үөрэнээччилэрин параадтара, араас кэнсиэртэр, тыйаатыр туруоруулара, быыстапкалар уонна дьаарбаҥка ыытыллар», — диэн олохтоох үөрэх министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.
Ити курдук, быйыл сорох үөрэнээччилэр сайыҥҥы сынньалаҥнара биир күн уһаан бириэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр Билии күнүн балаҕан ыйын 2 күнүгэр көһөрөр туһунан быһаарыы ылылла илик.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: