Сорох сиринэн инчэҕэй хаар, күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр
27.03.2023, 08:00

Анивера Акимова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:
Бүгүн, кулун тутар 27 күнүгэр, Эдьигээн, Кэбээйи, Ленскэй оройуоннарыгар хаардыыра, сорох сиринэн инчэҕэй хаар, Анаабыр, Булуҥ, Өлөөн, Эдьигээн, Кэбээйи, Эбээн-Бытантай, Дьааҥы улуустарыгар сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрэ сабаҕаланар.
Температура түүн -11-16°С, хотугулуу-илин -19-24°С, сорох сиринэн -29-34°С, соҕуруулуу-арҕаа -2-7°С, күнүс -2,+3°С, соҕуруулуу-илин -10-15°С, соҕуруулуу-арҕаа +3+8°С буолара күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: