Сөрүүн күннэр үүнүөхтэрэ
Куйааска буспуппут-хаппыппыт сорох улуустарга тохтууһу. Нэдиэлэ бүтүүтэ сөрүүкүө уонна ардахтыа диэбиттэр.
Киин уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарга хотуттан тыалырыа. Онон бу күннэргэ хайдах күн-дьыл буолар эбитий диэн, Саха сиринээҕи УГМС — Гидрометкиин начаалынньыга Татьяна Маршалик СИА иһитиннэрбит.
«Ааспыт икки нэдиэлэни көрдөххө, халлаан куйааран турар. Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар нэдиэлэ бастакы күнүгэр +37 кыраадыс бэлиэтэммитэ. Чугастааҕы үс күҥҥэ Алдан, Ленскэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ уонна киин улуустарыгар балачча куйаас күннэр туруохтара, +28 до +33 тиийиэ. Хотуттан тыалыран эрэр, тымныы уонна сылаас салгын быһа охсуһар сирдэригэр этиҥнээх ардах түһүөн сөп«, — диэбит Татьяна Маршалик.
Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрбитинэн, этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15–20 м. тыалырыан сөп. Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр халлаан сөрүүкээбитэ бэлиэтэнэр, Дьокуускайга уонна киин улуустарга нэдиэлэ төрдүс күнүттэн сөрүүкүө диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
«Нэдиэлэ төрдүс, бэһис күннэригэр киин улуустарга ардыа. От ыйын 2 күнэ буолар түүнүгэр, Дьокуускайга балачча ардаата. Маныаха куораты кытары кэккэлэһэ турар ыстаансыйаҕа кыратык таммалаата, сорох сиринэн түспэтэ. Нэдиэлэ бүтүүтүгэр +25… +27 кыраадыс буолуо, нэдиэлэ бэһис, алтыс күннэригэр +17… +22 кыраадыс буолуон сөп«, — диэн УГМС иһитиннэрэллэр.
Сылыктааһынынан, чугастааҕы кэмҥэ, от ыйын 3 күнүгэр, Өлүөхүмэҕэ уонна Эдьигээҥҥэ хотугулуу-арҕааттан тыалырыа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15–20 м. түргэннээх тыал түһүө. Соҕуруулуу-арҕаа уонна киин улуустарга — быстахтаан ардыа, сорох сирдэргэ этиҥнэниэ, тобурах түһүө, этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 17–22 м. тыалырыа.
Дьокуускайга чугастааҕы сууккаҕа сарсыарда уонна күнүс быстах этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Этиҥнээх ардахха сөкүүндэҕэ 17 — 22 м. тыалырыа. Түүн +16… +18, күнүс +26… +28 буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: