Сөрүүн күннэр үүнүөхтэрэ

Share

Куйааска буспуппут-хаппыппыт сорох улуустарга тохтууһу. Нэдиэлэ бүтүүтэ сөрүүкүө уонна ардахтыа диэбиттэр.

Киин уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарга хотуттан тыалырыа. Онон бу күннэргэ хайдах күн-дьыл буолар эбитий диэн, Саха сиринээҕи УГМС — Гидрометкиин начаалынньыга Татьяна Маршалик СИА иһитиннэрбит.

«Ааспыт икки нэдиэлэни көрдөххө, халлаан куйааран турар.  Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар нэдиэлэ бастакы күнүгэр  +37 кыраадыс бэлиэтэммитэ. Чугастааҕы үс күҥҥэ Алдан, Ленскэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ уонна киин улуустарыгар балачча куйаас күннэр туруохтара,  +28 до +33  тиийиэ. Хотуттан тыалыран эрэр, тымныы уонна сылаас салгын быһа охсуһар сирдэригэр этиҥнээх ардах түһүөн сөп«, — диэбит Татьяна Маршалик.

Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрбитинэн, этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15–20 м. тыалырыан сөп. Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр халлаан сөрүүкээбитэ бэлиэтэнэр, Дьокуускайга уонна киин улуустарга нэдиэлэ төрдүс күнүттэн сөрүүкүө диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

«Нэдиэлэ төрдүс, бэһис күннэригэр киин улуустарга ардыа. От ыйын 2  күнэ буолар түүнүгэр, Дьокуускайга балачча ардаата. Маныаха куораты кытары кэккэлэһэ турар ыстаансыйаҕа кыратык таммалаата, сорох сиринэн түспэтэ. Нэдиэлэ бүтүүтүгэр  +25… +27 кыраадыс буолуо, нэдиэлэ бэһис, алтыс күннэригэр +17… +22 кыраадыс буолуон сөп«, — диэн УГМС иһитиннэрэллэр.

Сылыктааһынынан, чугастааҕы кэмҥэ, от ыйын 3  күнүгэр, Өлүөхүмэҕэ уонна Эдьигээҥҥэ  хотугулуу-арҕааттан тыалырыа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15–20 м. түргэннээх тыал түһүө. Соҕуруулуу-арҕаа уонна киин улуустарга — быстахтаан ардыа, сорох сирдэргэ этиҥнэниэ, тобурах түһүө, этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 17–22 м. тыалырыа.

Дьокуускайга чугастааҕы сууккаҕа сарсыарда уонна күнүс быстах этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Этиҥнээх ардахха сөкүүндэҕэ 17 — 22 м. тыалырыа. Түүн +16… +18, күнүс +26… +28 буолуо.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
1
+1
3
+1
3
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

18 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago