Салгыы
Сосискалартан уонна үүт аһылыктартан кутталлаах бэссэстибэлэри булбуттар

Сосискалартан уонна үүт аһылыктартан кутталлаах бэссэстибэлэри булбуттар

21.11.2024, 10:21
Хаартыска: www.perfectstock.ru
Бөлөххө киир:

Россельхознадзор Арассыыйаҕа оҥоһуллар бородууксуйалартан бобуулаах трансглютаминаһы, бобуулаах фермены булбут. Бу оҥорон таһаарыыга туһаныллар “эт килиэйэ” киһи иммуниетыгар уонна оһоҕоско охсуулаах, ону тэҥэ, искэн ыарыытын көбүтэр диэн киин сонуну тарҕатар ситимнэр сырдаталлар.

Хара испииһэккэ Владимирскай САУо «Стародворские колбасы» («Стародворье», «Вязанка», «Баварушка», «Ядрёна копоть» сосискалар),  Пензенскайдааҕы ХЭУо «Крестьянское хозяйство Макарова И.М.” («Знать», «Колбасы от Макарова», «Мясная коллекция МК» сосискалар), Псковскайдааҕы ААУо «Великолукский мясокомбинат» («Великолукский мясокомбинат» оҕо сосиската) киирбиттэр.

Бородууксуйалартан боруобаны Мордовия маҕаһыыннарыттан ылбыттар. Ону тэҥэ, кэһиллиилэри үүт аһылыктартан эмиэ булбуттар: микробнай трансглютаминаз оскуолаларга уонна кафеларга тарҕанар “Алтайская буренка” иэдьэгэйгэ баара биллибит.

Итини таһынан, исписэлиистэр мас сымыйа сыатын “7 утра” сымнаҕас сыырдарга (плавленый сырок) итиэннэ Саратовскайдааҕы үүт комбинатыгар баарын булбуттар. Биэдэмэстибэ кытаанах лабараторнай хонтуруол эрэсиимин биллэрбит, иһитиннэриини салгыы бэрэбиэркэлииргэ Роспотребнадзорга ыыппыт.

+1
11
+1
2
+1
0
+1
0
+1
17
+1
4
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: