«Сосновай бор» оҕо сынньалаҥын киинигэр «Sana VZгляд» байыаннай-тиэхиньиичэскэй бэстибээл саҕаланна
“Кэлэр кэм инженердэрэ” симиэнэ чэрчитинэн атырдьах ыйын 5 күнүгэр “Сосновай бор” оҕо сынньанар, чэбдигирэр киинигэр «Sana VZгляд» байыаннай-тиэхиньиичэскэй бэстибээл саҕаланна. Түөрт күн устата бэстибээл кыттыылаахтара дрону көтүтүүгэ, робототиэхиньикэ төрүттэригэр, 3Д бэчээккэ, о.д.а. аныгы информационнай технологияларын хайысхаларыгар үөрэниэхтэрэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
“«Sana VZгляд» байыаннай-тиэхиньиичэскэй бэстибээл биэс былаһаакканан үлэлиэҕэ. Бу кэм устата кыттааччылар талбыт хайысхаларыгар туох саҥа ситиһиилэр баалларын билсиэхтэрэ, бэйэлэрин бырайыактарын оҥоруохтара, көрдөрөн-кэпсээн биэриэхтэрэ”,- диэн иһитиннэрдилэр Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэҕэ.
Бэстибээл аһыллыытынан ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир солбуйааччыта Андрей Сосновскай, “Сосновай бор” оҕо сынньанар, чэбдигирэр киинин уонна эбии үөрэхтээһин салаатын начаалынньыга Дария Игнатьева эҕэрдэлээтилэр.
“Манна наһаа интэриэһинэй. Кэпсээн, үөрэтэн эрэ тахсыбаттар, элбэх практическай дьарыгы барабыт. Пилота суох көтөр аппарааттары салайарга үөрэниэхпит. Инструктордар барытын кэпсээн, быһааран биэрэллэр”, -диэн кэпсээтилэр бэстибээлгэ кыттар оҕолор.
Бэстибээл зачету таһаарар тэрээһиннэринэн түмүктэниэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: