Дьокуускай куорат Марха түөлбэтин 275 олохтооҕо чугастааҕы кэмҥэ социальнай гаастааһын бырагырааматынан олорор дьиэлэрин уонна гаражтарын гааска холбуохтара.
Бу туһунан «Сахатранснефтегаз» АХ генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников ТГ-ханаалыгар суруйда. Ити сыал барыта гаас ситимин тардыыга торумнаммыт үлэ түмүктэнэринэн кыаллыаҕа.
«Биир идэлээхтэрбитин кытта гаас ситимин тардыыга Марха түөлбэҕэ Тепличнай, Крестьянскай уонна Мелиораторскай уулуссаларынан тутуу үлэ хаамыытын хонтуруоллаатыбыт. Бу учаастактарга үлэ ыам ыйын саҥатыттан саҕаламмыттара уонна быйыл атырдьах ыйыгар түмүктэниэҕэ. Манна Строительнай учаастагын управлениета айан суолу алдьаппакка гаас ситимин тардыыга саҥа ньыманан үлэлиир. Бу айан суоллары оннунан хаалларарга кыах биэрэр. Холобур, маннык ньыманан айан суолларын үрдүнэн гаас ситимин тардыыга 200-тэн тахса миэтэрэни аастылар. Билиҥҥи туругунан былааннаммыт 2 км уһуннаах гаас ситимиттэн 600-тэн тахса миэтэрэ турба сыбааркаланна уонна уурулунна.
Санаттахха, бу иннинэ оройуоҥҥа Марха олохтоохторо дьиэлэрин-уоттарын гаас ситимигэр холбооһуҥҥа аккаастаммыта бэлиэтэнэр. Билигин ити кыһалҕа Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн, 2022 сылтан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр гаас ситимин тардыыга сыл ахсын үбү-харчыны көрөргө сорудахтанан ситиһиллиэҕэ. Онон, мархаларга сотору кэминэн социальнай гаастааһын бырагырааматынан олорор дьиэлэрин гааска холбуур кыах үөскүөҕэ.
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…