Сотору кэминэн магнитнай буурҕалар түһүөхтэрэ диэн сэрэтэллэр
Бэҕэһээ, сарсыарда 11:38 чааска, күҥҥэ ордук күүстээх магнитнай эстии буолбута бэлиэтэннэ, ол эбэтэр X1.7 кылаастаах эстии 3663 бээтинэ бөлөхтөрүгэр күҥҥэ ийэ сир утары баара чуолкайданна. Бу туһунан космическай күнү-дьылы кэтээн көрүү дааннайдарын Прикладной геофизика үнүстүүтэ иһитиннэрдэ.
Магнитнай эстии 16 мүнүүтэ устата көстүбүтэ биллэр. Коронарнай эстии буоллаҕына, үгүс өттө ийэ сир диэки хайысхалаах туһаайыллыбыта буолара сабаҕаланар. Итинэн сибээстээн аҕыйах хонугунан элбэх сиргэ дьүкээбиллэр сууһумнууллара уонна геомагнитнай буурҕалар түһэллэрин сөптөөҕө сабаҕаланар. Инники маннык күҥҥэ күүстээх X6.4/3B магнитнай эстии 35 мүнүүтэ устата бу сыл олунньу 23 күнүгэр буолбута.
Бэлиэтээн эттэххэ, күҥҥэ магнитнай эстиилэри оентген сардаҥаларын күүһүттэн кыамтатыттан көрөн биэс кылаастарга араараллар: А, Б, С, М уонна Х. Күҥҥэ эстиилэр кылаастарынан 10 төгүл улаатан иһэллэр. Бу дьайыылар ийэ сиргэ магнитнай буурҕалары үөскэтиэхтэрин сөп.
Магнитнай буурҕа — бу күн актыыбынаһыттан сир геомагнитнай эйгэтин (поле) хамсааһына буолар. Геомагнитнай эйгэ сири күн радиациятыттан хаххалыыр, көмүскүүр. Магнитнай буурҕаны 1-тэн 9 баалга диэри кээмэйдииллэр. 1-2 баал — мөлтөх хамсааһын, 3-4 — орто хамсааһын, 5-7 күүстээх буурҕа (күн-дьыл туругуттан тутулуктаах дьон доруобуйаларын туруга мөлтүөн, ыарыылара көбүөн сөп), 8-9 баал — олус күүстээх буурҕа (араадьыйа долгуннарыгар, элэктэриичэстибэнэн хааччыйыыга, сибээскэ, навигацияҕа мэһэйдэр, саахаллар буолуохтарын сөп).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: