Сотору “Тройка” тарыып олоххо киириэҕэ
Оптуобус бырайыаһа уларыйбатын туһунан этэн туран, киин куорат баһылыга Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр бырайыастар араастаһыыларын сиһилии ырытта.
Пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр мээр: “Эһиги куорат оптуобустарыгар 20 солкуобайга айанныахха сөбүн билэр буолуохтааххыт, онон туһанаҕыт дуо?” — диэн ыйыппытыгар, биллэн турар, үгүс суруналыыс соһуйда.
— Истэн билиҥ: куорат оптуобуһугар “проезднойунан” айан сыаната – 20 солкуобай. Каартанан төлөбүр – 40 солкуобай, уопсай тарыып – 45 солкуобай. Ханнык да дойду эрэгийиэнигэр оптуобус маннык сыанатын булуоҥ суоҕа. Кэлэр сылга оптуобустан оптуобуска көһөн айанныыр (пересадка) дьоҥҥо, Москваҕа курдук “тройка” тарыыбы олоххо киллэриэхпит. Ол эбэтэр бу маннык “проезднойунан” айанныыр дьон сырыы аайы төлөөбөккө биир “тройканан” туһанар буолуохтара, — диэн иһитиннэрдэ куорат мээрэ суруналыыстарга.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: