В.К. Арсеньев аатынан «Уһук Илин» литературнай бириэмийэ кылгас испииһэгэ тахсан эрэр.
Бириэмийэ дьүүллүүр сүбэтэ сотору кэминэн лауреаттар ааттарын билиһиннэриэҕэ. Кыайыылаахтары «уһун проза», «кылгас проза», «оҕо прозата» номинацияларынан талыахтара.
Бүтүн Арассыыйатааҕы В.К. Арсеньев аатынан «Уһук Илин» литературнай бириэмийэ РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Бастакы лауреаттар 2019 сыллаахха ааттаммыттара.
Литературнай бириэмийэ сүрүн сыала-соруга: Уһук Илин эрэгийиэнин туһунан суруйар уонна элбэх омук олорор дойдутугар биир култуурунай эйгэни төрүттэһэр Арассыыйа уонна тас дойдулар суруйааччыларын өйөөһүн.
Ааспыт сылларга Саха сириттэн хото кытталлар этэ. Прозаик Анатолий Слепцов «Быков мыс» кэпсээнинэн «кылгас проза» номинацияҕа кыайыылаах буолбута. Маны тэҥэ, «кылгас испииһэккэ» киирбит номинаннар эмиэ бааллар.
Быйыл дьүүллүүр сүбэҕэ 85 сайаапка киирбититтэн, 65 сайаапканы ыллылар. Бу 15 эрэгийиэнтэн уонна тас дойдулартан киирбит айымньылар буолаллар.
Бириэмийэ туһунан информация барыта премияарсеньева.рф саайтка баар.
Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах. Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…
Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…
Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…
ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…
Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…