Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьиҥнээх патриоттар, Ийэ дойдуларын чиэстээхтик көмүскүүллэр. Биир оннук хорсун-хоодуот буойунунан «Сова» диэн позывнойдаах биир дойдулаахпыт буолар. Кини билигин инники кирбиигэ сылдьар кэмигэр аттыгар «магнитнай миинэ» эстэн кыра эчэйиини ылбыта, ол да буоллар, кэпсэтэргэ сөбүлэстэ.
Уус Алдан улууһун Тумул сэлиэнньэтиттэн сылдьабын. Мындаабаҕа успуорт оскуолатын бүтэрбитим. Онон эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх этим. Оскуолабын бүтэрээт 2 сыл аармыйаҕа сылдьан ытык иэспин төлөөбүтүм. Кэлээт орто анал үөрэххэ тутуу идэтигэр үөрэммитим. Кыралаан тутуунан дьарыктаммытым, бэйэм нэһилиэгим, Тумулум тупсарын туһугар үлэлээбитим, араас оҥоһуктарым билигин да тураллар. Кэлин тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кластерын тэринэн үлэлээн иһэн, үп-харчы тиийбэккэ, өрүттүбэккэ, сиппэккэ хаалбыта.
Байыаннай дьайыыга 2024 сыл муус устар 5 күнүгэр хантараак баттаһан кэлбитим. Мин иннибэр тастыҥ быраатым ЧВК-Вагнер диэҥҥэ сылдьан кэлбитэ. Бырааппыттан холобур ылбытым диэхпин сөп. Кини байыаннай дьайыыга сылдьан миэхэ мэлдьи эрийэр этэ. Онно өйдөөбүтүм, дьиҥ патриот диэн кимин-тугун. Уолаттар Ийэ дойдуларын туһугар олохторун да толук биэрэртэн кэрэйбэттэрин, харса суох, хорсун, булгуруйбат санаалаахтарын итэҕэйбитим.
Хорсун быһыы диэн байыас соҕотоҕун бойобуой сорудаҕы эҥкилэ суох толоруута.
Мин манна кэлэрбэр, биллэн турар, ыарахаттар элбэхтэр этэ. Тоҕо диэтэххэ, кэргэннээх, оҕолордоох киһибин, кыра уолум билигин 1,5 эрэ саастаах. Кэргэним Хаандыгаҕа учууталлыы сылдьар. Ыытыан баҕарбатаҕа да буоллар, өйдөөбүтэ. Тоҕо диэтэххэ, байыаннай дьайыыга быраатым эрэ буолбакка, элбэх чугас доҕотторум сылдьаллара. Хомойуох иһин, билигин кинилэртэн ким да хаалбата.
Билигин инники кирбиигэ сытабыт. Иллэрээ күн сарсыарда 5 чааска «Багги» массыынанан “200-тэри” таһаара киирэ иһэн, оруобуна олорбут сирим аттыгар «магнитнай миинэ» эстэн, үрүө-тараа эһиллибиппит. Ол түгэҥҥэ үрдүбүтүгэр дрон бөҕө кып-кыймаҥнас буола түспүтэ. Биһиги онтон куотан, хахха сири көрдүү ыстанныбыт. Арай, сирэйим лаппаахынан саайбыттарын курдук ыалдьар. Сүүрэн иһэн доҕорбуттан “сирэйим үчүгэй дуо” диэн ыйытабын. Киһим туох эрэ диэн саҥарар, мин истибэппин. Көрдөхпүнэ айаҕа эрэ хамныыр, онтум контузия ылан истибэт буолбут эбиппин. Хата, тута өйдөөн, илиитинэн тойон эрбэҕин көрдөрөр, ол аата, үчүгэй диир эбит. Чэ, бэрт диэн баран куотан иһэн үс өстөөҕү суулларбыппыт. Аны куоппут сирбит чугас тыа, онно киирэн хахха сири көрдөөтүбүт. Хата, биир блиндажка киирбиппит, атын подразделениеттан икки нуучча уола баар эбит. Блиндажка киирэн, уоскуйан баран, анараа дьоммутугар араассыйанан тиэхиньикэбитин алдьаттылар диэн дакылааттаатыбыт. Аны 5 км сиргэ хайдах эрэ төттөрү барыахпытын наада буолла. Үрдүбүтүнэн дрон бөҕө көтө сылдьар, биһигини көрдүүллэр. Аны 3-с ойуур балаһатыгар саһар сир суох, барыта аһаҕас. Чаас курдук олоро түһэн баран, ытыалаһа-ытыалаһа бэйэбит дьоммутугар кэлбиппит. Этэҥҥэ бары тыыннаах таҕыстыбыт.
Байыаннай дьайыыга сылдьар дьон дьиэ кэргэнигэр араас өрүттээх көмө оҥоһуллар. Саха сирин олохтоохторун, салалтатын көмөтө улахан диэхпин баҕарабын. Ону сэргэ, волонтердар бааһыран госпиталларга сытар уолаттарга көмөлөрө, өйөбүллэрэ, кыһамньылара олус улахан. Тыа сиригэр олорор дьоҥҥо, хаһаайыстыбаҕа күүс-көмө бөҕө буолаллар. Мин дьоммор эмиэ көмө оҥоһуллар. Түгэнинэн туһанан, Тумул нэһилиэгин баһылыгар Василий Петрович Алексеевка барҕа махталбын тиэрдэбин, мэлдьи эрийэн сибээстэһэ турар, туох наадатын туоһулаһар.
Мин санаабар, хорсун быһыы диэн байыас соҕотоҕун бойобуой сорудаҕы эҥкилэ суох толоруута. Бу штурм кэмигэр “300-тээх” (бааһырбыт) киһини соһон таһаар диэбиттэрэ. Мин бастаан хайдах эрэ саараабытым, кыайан таһаарбатым буолуо диэн куттана санаабытым. Тоҕо диэтэххэ, ол таһаарыахтаах уолум «Пончик» диэн позывнойдаах, 100-н тахса киилэлээх уол этэ. Бары билэр этибит, кинини аан бастаан быыһыы киирбит уол суох буолбтун. Сарсыарда күн тахсыыта килиэпкэ кэнсиэрбэлээх эт арыытын сыбаан бараммын, мас төрдүгэр ууран, сирим иччилэриттэн, үөһээ айыыларбыттан көрдөспүтүм. Дьэ, ити курдук хомунан, бааһырбыт уолбар чугаһаан иһэн дрон тыаһын истэн, сиргэ бүгэн сытыммытым. Онтон ойон туран сүүрэн иһэн, окуопаҕа саһа сытан бааһырбыппын дуу, суох дуу диэн бэйэбин бигэнэн көрөбүн. Барыта үчүгэй курдук, хаан-сиин суох диэн уоскутуннум. Ол сытан өбүгэлэрбин кытары кэпсэтэбин. Хайдах эрэ чугас курдуктар, үрдүбэр дрон бөҕө көтө сылдьан, снарядтары быраҕаттыыллар. Аттыбар эстэллэр, мин хамсаабакка сытабын. Арааһа, өллө дии санаатылар быһыылаах, тохтообуттарын кэннэ, киһибэр тиийдим, хата, тыыннаах эбит. Киһим “хаампаппын” диир, онон соһо сатаатым. Онтон, киһибэр: «Оччоҕо манна сытан хаалаҕын, мин эйигин кыайбаппын”, – диибин. Бэйэбин кытары илдьэ сылдьар «нефопамы» ыарыытын мүлүрүтэр курдук атахтарыгар туруортаан бараммын, мас лабаатынан торуоска оҥорон туттардым. Хаамар кыахтаах эбит, ол иһин дьэ сүүрдүбүт. Киһим субу-субу сууллан түһэр. Атаҕа тостубатах эрээри улаханнык бааһырбыт этэ. Оннук буулдьа ардаҕын быыһынан этэҥҥэ дьоммутугар тыыннаах тахсыбыппыт. Мин урут итэҕэл диэни улахаҥҥа уурбат этим, билигин окко-маска, айыыларга сүгүрүйэр, иччилэргэ итэҕэйэр буоллум. Манна өлүүнү-сүтүүнү, ыарахаттары көрсүбүт буоламмыт, биһиги, саха уолаттара, бары сири-уоту мэлдьи аһата, үрдүк айыыларбытыттан көрдөһө сылдьабыт.
Мин позывнойум «Сова», сахалыыта мэкчиргэ диэн. Өссө уонтан тахса сыллааҕыта миэхэ бу кыылы айылҕалаах дьон, эн сүгүрүйэр кыылыҥ диэбиттэрэ. Ол кэмтэн ыла мэкчиргэҕэ сүгүрүйэбин, улахан кыыл диэн билинэбин. Кэргэммин эмиэ кыра оҕо сырыттаҕына «Мэкчиргэ» диэн хос ааттыыллар эбит. Онон, уопсайынан, биһиги дьиэ кэргэммитигэр мэкчиргэ ытыктанар кыыл буолар. Оттон «Сова» диэн нууччалыы, кылгас уонна бары ааттыылларыгар чэпчэки буоллун диэн ылыммытым.
ХААРТЫСКАЛАР БАЙЫАС «СОВА» ТУС АРХЫЫБЫТТАН
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сиригэр, сут-кураан, хоргуйуу-өлүү сатыылаабыт, ыар олох, ыар кыһалҕа ыга…
Бүгүн, тохсунньу 11 күнүгэр, "Тымныы полюһа -- Өймөкөөн" диэн VI экстремальнай марафон буолла. Кыһыҥҥы сүүрүүгэ…
Өбүгэлэрбит тулалыыр айылҕа уратытын, халлаан эттиктэрин, кыыллар быһыыларын таба көрөн, күнү-дьылы билгэлиир этилэр. Кыһын туһунан…
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Судаарыстыбаннас күнүгэр Арктика уонна ускуустуба киинин үлэҕэ киллэрии туһунан сорудаҕы СӨ…
Тохсунньу 16 күнүттэн дойду үрдүнэн киинэ тыйаатырдарыгар "Шаман" диэн эдэр режиссер Михаил Мерзликин киинэтэ көстүөҕэ.…
Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн мастар эмиэ эмтээхтэр, доруобуйаҕа улахан туһалаахтар. Сорох мастар иннэлэрин, лабааларын кыһын,…