«Советчане» кинигэ тугу кэпсиирий?
Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүөлүөйүнэн араас таһымнаахтык тэрээһиннэр бэлиэтэнэллэр. Ону сэргэ, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390 сылынан элбэх былааннаах үлэлэр бардылар. Дойдуга үйэтитиигэ анаммыт дьаһаллар ыытылла тураллар.
Ол иһигэр, соторутааҕыта «Советчане» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэннэ. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатын хабар. Манна Калининградскай уобалас Советск куоракка киинэ техникумугар араас кэмҥэ үөрэммит дьон ахтыылара киирдэ. Баҕа санаа олоххо киирэригэр тыл көтөхпүт киһинэн олоҕун бүтүннүү саха киинэтэ сайдарыгар анаабыт, СӨ кинематографиятын сойууһун “Дьөһөгөй” бириэмийэтин лауреата, “Барҕарыы” пуонда стипендиата, киинэ бэтэрээнэ Виссарион Андреевич Томскай буолар.
Кинигэ сүрэхтэниитэ алгысчыт Антонина Саввична Алексеева алгыһынан арылынна.
Кинигэ тахсарыгар улахан оруолу Советскайдааҕы киинэ техникумун араас сылга бүтэрбиттэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ ыллылар. Дьоһун кинигэҕэ ылсан туран үлэлээбит киинэ бэтэрээннэрэ: киинэ мэхээниктэрин училищеларын (СПТУ-7) преподавателэ, СӨ култууратын туйгуна, Саха сирин бочуоттаах бэтэрээнэ, 1980 сыллаахха кинотехникуму бүтэрбит Мария Гаврильевна Сивцева, СӨ култууратын туйгуна Марина Софроновна Винокурова, Арассыыйа буочуоттах кинематографиһа, СӨ култууратын туйгуна, СӨ буочуоттаах бэтэрээнэ, “Бүлүү куорат сайдыытын иһин”, “Бүлүү улууһун култууратын сайдыытыгар үтүөтүн иһин” бэлиэлэр хаһаайыннара Надежда Романовна Михайлова, Нам улууһун ытыктабыллаах киһитэ, Модут нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна Вера Дмитриевна Попова буолаллар.
Киинэ бэтэрээннэрин түмэр, араас үлэни сүрүннүүр уонна тэрийэр, СӨ киинэтин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, киинэ бэтэрээнэ Полина Николаевна Лепчиковаҕа улахан махталларын этэллэр.
Кинигэ “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар 80 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста.
1980 сыллаахха бүтэрбит Е.Н.Новоприезжая ахтыытыттан:
«Эдэр сылдьан студеннаабыт сылларыҥ, үөрэммит техникумун, олорбут куоратын сыл-хонук аастаҕын аайы улам тупсан, кэрэтийэн көстөр. Дойдубут уһук муннугар, күөх мастар быыстарыгар, олорор кыра немец куората эйигин куруук тарда-угуйа турар….
Биһи үөрэммит куораппыт Советск урут Тильзит диэн аатынан биллэрэ. История уруогар истибит, аахпыт куораттарбыт Тильзит, Кенигсберг этилэр.
Кэлин бу куораттар биһиэхэ киирэннэр Советск, Калининград диэн ааттаммыттара. Онон биһи историческай куораттарга сылдьан, олорон, үөрэнэн кэлбиппит.
Мин санаабар да, өйбөр да оҕустарбат этим ити куораттарга сылдьыам, үөрэниэм диэн.
Соҕуруу үөрэниэхпин баҕарар этим да итиччэ ыраах тэлэһийэн тиийиэм дии санаабатаҕым.
Биһи группабытыгар нуучча, саха, мордвин, украинец буолан үөрэммиппит .
Учууталларбыт үгүстэрэ уһуннук үлэлээбит, опыттаах учууталлар этилэр. Бу наһаа тактичнай, интеллигентнай, культурнай, сүрдээх билиилээх, бэйэлэрин предметтэрин бэркэ баһылаабыт учууталлар.
Үөрэнэр сылларбытыгар саха оҕолоро Литва сирдэринэн, Ригаҕа, Калининградка, Санкт-Петербурга бара сылдьыбыппыт, сонун сирдэри көрбүппүт.
Айдааннаах 90-с сыллар кэлиэхтэригэр дылы этэҥҥэ үлэлээбиппит.
Мин Хоту эргимтэҕэ Аллараа Халымаҕа 15 сылбын толору үлэлээн дойдубар төннүбүтүм. Манна кэлэн киинэҕэ үлэ булбатаҕым. Эмиэ биһиэнин курдук, барыта ыһыллан, сабыллан хаалбыт этэ.
Ханна да үлэлээтэрбин Советскайга, кинотехникумҥа ылбыт билиибин-көрүүбүн толору туһаммытым. Черскэйгэ инженерынан, киномеханигынан үлэлээбитим. Оскуолаҕа техник — оператордыырбар компьютербын параллельно холботолоон, кэмигэр ремоннаан эҥкилэ суох 7 сыл устата үлэлэппитим. Техническай куруһуок «Юный киномеханик с информатикой» тэрийэн оҕолору кинопроекторынан, компьютерынан үлэлииргэ үөрэппитим. Оннооҕор “Розторга” үлэлии сылдьан экономикаҕа ылбыт билиибин туһаммытым.
Ол иһин миэхэ үөрэммит сирим, кинотехникумум, тапталлаах Советскай куоратым элбэҕи биэрбиттэрэ, үгүһү көрдөрбүттэрэ, “дьол биһигэ” буолбуттара».
Хас биир ахтыы суруйбут киһи дьиэ киэргэнэ харчынан көмөлөстө. Киинэ бэтэрээннэрин оҕолоро Юрий Иванович Ядрихинскай уола Дмитрий Юрьевич, Екатерина Андреевна Иванова оҕолоро Наталья, Дмитрий, Андрей, Виссарион Андреевич Томскай оҕолоро, Степан Иванович Москвитин салайааччылаах И.С.Жараев аатынан аудиовизуальнай киин кэлэктиибэ тирэх, көмө буоллулар.
Марина ВИНОКУРОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: