Бу күннэргэ Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр «Спецназ добра» түмсүү активистара үлэлээн, Пелагея уонна Вячеслав Чемезовтарга дьиэлэрин тутуутугар көмөлөстүлэр.
Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Вячеслав Егорович быстах хомуурга ыҥырыллан, Пелагея Егоровна оҕолорун уонна хаһаайыстыбатын кытары бэйэлэрэ эрэ хаалбыттар. Чемезовтарга көмөлөһөр туһунан этиилээх Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин «Спецназ добра» хамсааһын салайааччытыгар Руслан Платоновка тахсыбыт.
— Руслан Михайлович биһигини кытары сибээскэ тахса сылдьыбыта, маннык этии киирдэ диэн. Маны таһынан Юрий Семенов салайааччылаах «Элма» хампаанньа уонна олохтоохтор эмиэ туора турбаккалар, дьиэ тутуутугар көмө буоллулар. Дьокутаат Руслан Федотов Чемезовтарга миэбэл ылалларыгар анаан 50 000 солк. сэртипикээт туттарда, — диэн улуус баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Степан Кузьмин иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, «Спецназ добра» хамсааһын 2017 сыллаахха тэриллибитэ. Түмсүү активистара 2020 уонна 2021 сс. икки ыалга дьиэ тутуутугар көмөлөспүттэрэ.
Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …