СПИД-Киин экспресс-тест анаалыстары туттарарга ыҥырар
От ыйын 22-28 күннэригэр Саха сиригэр Быар ыарыытын сэрэтии нэдиэлэтэ ыытыллар.
От ыйын 25 күнүгэр 10.00-15.00 чч. СПИД-Киин Гепатология киинин исписэлиистэрин кытары Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар босхо экспресс-тест оҥоруохтара. Ол эбэтэр баҕалаах дьон В уонна С вирустаах гепатикка, ВИЧ-инфекцияҕа, сифилискэ, сэлликкэ бэрэбиэркэлэниэхтэрэ.
Ону таһынан СПИД-Киин исписэлиистэрэ вирустаах гепатиты сэрэтиигэ уонна эмтээһиҥҥэ сүбэ-ама биэриэхтэрэ. Бу күн вирустаах гепатиттан, ВИЧ-инфекцияттан харыстаныы туһунан буклеттары, презервативтары босхо түҥэтиэхтэрэ. Санатан эттэххэ, экспресс-тест анаалыһыгар хаан автоматическай ланцетынан (стерильнэй) илии тарбаҕыттан ылыллар. Үнүстүрүмүөн барыта биирдэ эрэ туттуллар. 4-с көлүөнэ аныгы экспресс-тестэрэ 96 % чопчу түмүгү көрдөрөллөр. Экспресс-тест түмүктэрэ 10-15 мүнүүтэнэн биллэллэр, туттарбыт киһи бэйэтигэр эрэ тириэрдиллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: