СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна
СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна.
Бу сыстыганнаах ыарыылары, ордук сэллиги, утары охсуһууга дьоһуннаах хардыынан буолуоҕа.
Кэбиниэт ыарыыны чопчу быһаарар Проматрикс-РП аныгы ФЛГ аппараатынан сэбилэннэ.
«Флюорография кэбиниэтэ аһыллыыта биһиги Кииммитигэр улахан суолталаах түгэн. Биһиги эмтэнээччилэрбитигэр оҥоһуллар көмө табыгастаах уонна хаачыстыбалаах буоларыгар дьулуһабыт. Манна Саха сирин бары олохтоохторугар сэлликкэ былааннаммыт скрининг-чинчийиилэр ыытыллыахтара. Онуоха санитария уонна эпидемиология нуормаларын тутуһуу ыарыһахтарга уонна мэдиссиинэ үлэһиттэригэр куттал суох буолларын хааччыйыаҕа», — диэн Киин кылаабынай бырааһа Александра Золотарева иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, флюорография тыынар уорганнар ыарыыларын быһаарар биир сүрүн ньыма уонна ыарыыны эрдэ буларга көмөлөһөр. Оччотугар эмтэнии үчүгэй түмүктэнэр уонна инфекция тарҕанарын сэрэтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: