Спид Стар устуоруйата үгүстэри сөхтөрдө

Share

Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ »Спид Стар» спортивнай драма артыыстара уонна устар бөлөх суруналыыстары кытта көрсөн, киинэни хайдах устубуттарын туһунан кэпсээтилэр. Саҥа киинэ кулун тутар 27 күнүгэр киэҥ экрааҥҥа тахсыаҕа.

Хаартыска: Денис Попов.

Киинэни үс сыл устата устубуттар, монтааһыгар өссө биир сыл ааспыт, онон түөрт сылы быһа кэтэһиилээх буолбут. Аттары, ат сүүрдүүтүн устуу уустук буолара биллэр. Онон устуу кэмигэр буолбут бэрт интэриэһинэй түгэннэри, кистэлэҥнэри кэпсээтилэр.

— Артыыс барытын бэйэтэ бэлиэтии көрө сылдьар. Дьоруой туттарын-хаптарын, сирэйин мимикатын, дьону кытта хайдах кэпсэтэрин көрөр, ону туһанар. Субу аттыбытыгар сылдьар дьону оонньуур быдан чэпчэки. Бу үһүс тириэньэрбин оонньоотум, — диэн тириэньэр оруолун оонньообут Иннокентий Луковцев кэпсээтэ.
Режиссер Алексей Амбросьев бастаан сүүрэн иһэн атаҕа тостубут Шаддат туһунан устаары гынан баран, Спид Стар устуоруйатын истэн, ону устарга соруммут. Чахчы, киинэ көрө олорон, көрөөччүлэр тыҥааһыннаах түгэннэргэ тэҥҥэ ыалдьа олорбуттара, ытыстарын таһыммыттара бу устуоруйа дьон санаатын таарыйбытын, үрдүккэ сирдиир кыахтааҕын көрдөрөр. Социальнай ситимнэргэ суруйалларынан, урут ас спордун интэриэһиргээбэт дьон быйыл ат сүүрдүүтүн көрө барарга бэлэмнэнэллэр.
Бэҕэһээ прессаҕа көрдөрүүгэ Спид Стары кытта үс төгүл кыайыы өрөгөйүн билбит Егор Оконешников дьиэ кэргэнинээн кэлэн көрбүтэ. Кини бэйэ олоҕун туһунан киинэни көрөр долгутуулаах диэн эттэ. Оҕолоро олус сэргээбиттэр. »Эбээбит итинник буолбатах ээ», — диэн кэпсэтэллэр эбит.  Кыра уол: ‘‘Киинэ иккис чааһа тахсар дуо? Итиннэ мин суохпун дии’‘, — диир үһү.
Оттон Павел Ченянов уопсайа икки киинэҕэ сүрүн оруолу  оонньообутуттан, ол киинэлэргэ иккиэннэригэр сылгыһыты оонньообут эбит. Кини киинэҕэ уһуллубут сүүрүк ат Айцнер Гут кытта хайдах уопсай тылы булбутун, туох уустугу көрсүбүтүн туһунан кэпсээтэ.

Хаартыска: Егор Оконешников.

Тириэньэр Сергей Ядреев быйыл 60 сааһын туолар, үбүлүөйбэр улахан бэлэҕи оҥордугут диэн махтанна. Кини 40-ча сыл тириэньэрдээбит кэмигэр биирдэ эрэ кыайыыны атыылаһан ыларга этии киллэрэ сылдьыбыттар. Онуоха: «37 сыл устата аты таҥнарбыт түгэммин буллаххытына, дьэ, кэпсэтиэхпит», — диэбит. Оннук түгэн суох эбит.
«Егор Оконешников төрдүс сылын сүүрдүбүтэ буоллар, Спид Стар төрдүс төгүлүн Ил Дархан бирииһигэр кыайыа этэ дуо?’‘ диэн ыйытыыга тириэньэр Сергей Ядреев маннык хоруйдаата: «Мин санаабар, кыайыахтаах этэ. Егор улууска үлэлии барбытын кэннэ, ол сыл хас да илиигэ киирэн, булкуллан хаалбыта. Ол күрэхтэһиигэ сэттис кэлбитэ. Оттон Егор ол сыл атын атынан бастаабыта».

Спид Стар олохтообут рекорда билигин да куоһарылла илигэ сөхтөрөр. Дьөһөгөй оҕото барахсан, кыайыыга дьулуһан, эт-этэ бүтүннүү күүрэн, ыппыт охтуу субуруйан, бүтэһиктэн бастакы буолан хааларын көрүөххэ бэртээхэй. Бу күүрээннээх, тыҥааһыннаах түгэннэр олус бэркэ уһуллубуттар.
Хааччахтаах бүддьүөт баар буоллаҕына, үчүгэйэ диэн, фантазия үлэлиир. Сороҕор устар бөлөх уолаттара жокейдары бэйэлэрэ сүгэн, аты сүүрдэр курдук, каадыры устарга кыһаллыбыттара. ‘‘Итинник көстүү саха киинэтигэр эрэ баар. Устар бөлөх хас биирдии кыттааччыта уонна ат спордун сэҥээрээччилэр тугунан эрэ, туох кыах баарынан, көмөлөһөр эрэ баҕалаахтара», — диэн продюсер Степан Порядин киинэни устуу кистэлэҥнэрин кэпсээтэ.
Киинэ уопсай  бүддьүөтэ — 10 мөлүйүөн солкуобай. 2021 сыллаахха бүддьүөттэн 4.8 мөл. солк. ылан, устан саҕалаабыттара. Эһиилигэр »СинетСпарк» хампаанньа 1 мөл.солк. биэрэн, »Гедеон-Строй» тэрилтэ өйөөн, көмөлөспүттэрин иһин махталларын биллэрэллэр.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Хоһоон куонкуруһа. Иван Кондаков: «Саҥа сулус»

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) Кыайыы 80 сылынан  төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр…

2 минуты ago
  • Куонкурус
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Хоһоон куонкуруһа. Николай Пахомов

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) Кыайыы 80 сылынан  төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр…

3 минуты ago
  • Куонкурус
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Хоһоон куонкуруһа. Гаврил Шепелёв: «Саха Саарыннара»

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) Кыайыы 80 сылынан  төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сатаҕай эбэҕэ – куйуур

Куйуур кэмэ саҕаланан, тыа сиригэр сэргэхсийии буолла. Ол курдук, нэһилиэктэргэ куйуур күрэстэрэ ыытыллаллара үгэскэ кубулуйда.…

23 минуты ago
  • Куонкурус
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Хоһоон куонкуруһа. Николай Нутчин-Дьуур

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) Кыайыы 80 сылынан  төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр…

26 минут ago
  • Куонкурус
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Хоһоон куонкуруһа. Зоя Старостина-Кичэкэ: «Кыайыы…»

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) Кыайыы 80 сылынан  төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр…

28 минут ago