СПИД-ы утары охсуһуу декадатыгар ыҥыраллар
Сэтинньи 25-29 күннэригэр СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи киин СПИД-ы утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнүгэр аналлаах тэрээһиннэри ыытар.
Исписэлиистэр: дерматовенеролог, акушер-гинеколог, инфекционист уонна педиатр сүбэ-ама биэриэхтэрэ. Ону сэргэ баҕалаахтар хаан уопсай уонна биохимическай анаалыстарын туттарыахтарын, ВИЧ-инфекцияҕа чинчиттэриэхтэрин сөп.
Тэрээһин Дьокуускай куорат Стадухин аатынан уулуссатын 81/8 дьиэтигэр 08.30-15.40 ч. диэри буолар.
Ону сэргэ, СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи киин «Миэдик-волонтердар» эрэгийиэннээҕи уопсастыба, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ кыттыылаах доруобуйаны бэрэбиэркэлээһин тэрээһинигэр ыҥыраллар Манна ВИЧ-инфекцияҕа, В уонна С гепатиттарга, сифилискэ, сэлликкэ босхо экспресс-тестированиены барыахха сөп.
18-тан үөһээ саастаах дьону сэтинньи 27-29 күннэригэр 12.00-19.00 ч. диэри «Туймаада» ТРК күүтэллэр.
Анаалыс туттарарга туох да докумуон ирдэниллибэт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: