Спиридон Старостин: «Икки эрэ ытыы бэриллэр, онон хайдах даҕаны күн-дьыл турдун, түүн-күнүс да буоллун, ытыахтааххын»
Алтынньы 12-13 күннэригэр Дьокуускай куоракка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр ырааҕы ытыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир ыытылла турар. Быйыл күһүҥҥү турнирга кыттааччы ахсаана икки төгүл элбэҕэ, таһыма үрдээбитэ бэлиэтэннэ. Турнир туһунан санаатын урбаанньыт, ырааҕы ытыынан 20 сыл дьарыктаммыт Спиридон Старостин үллэстэр:
— Мин ытыынан дьарыктаммытым 20 сыл буолла. Бу сыллар тухары сыл аайы араас ытыы күрэхтэригэр кыттабыт. Саҥа полигон аһыллан, улахан тэрээһин ыытыллан үөрүүбүт үгүс. Бу курдук киэҥ далааһыннаах Арассыыйа таһымнаах ырааҕы ытыыга турнир Саха сиригэр буолбутуттан биһиги астынабыт уонна төһө кыалларынан, кыахпытынан кытта сатыыбыт. Көннөрү саанан ытарга, биллэн турар, ыарахан, ол эрээри квалификацияны 1 км ытан ааһыахха сөп эбит. Мин иллэрээ күн квалификацияны бэрт кыратык, сыыһа-халты ытан, кыайан ааспатым. Билигин сыыһаларбытын ырытан көрдүбүт. Манна хас ытыы барыта көстө турар, инньэ гынан туох да мөккүөр суох. Түүннэри-күнүстэри ытыыга аһылыгыттан саҕалаан тыаллаах-куустаах кэмҥэ ханна хаххаланарга, балааккаларга киирэн олорорго усулуобуйа барыта оҥоһуллубут. Сүүстэн тахса кыттааччыны түүннэри-күнүстэри аҕалыы-илдьии, аһатыы туһугар ыарахан, ол эрээри үрдүк таһымнаах диэн туран, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар махтанабын. Оттон кыттааччылар туһунан эттэххэ, кэлии ытааччылар саалара-сэптэрэ, прибордара олох үчүгэй. Биһиги уолаттарбыт даҕаны боростуой саанан ыта сатыыллар. Квалификация диэн ыарахан түһүмэх, уопсайа 70-тан тахса киһи ыппытыттан, 23 эрэ киһи ааста. Манна диэн эттэххэ, олус күүстээх снайпердар, аан дойду, Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ игин кыайан ааспатылар. Бастакы күн табыллыбакка, биһиги күүстээх ытааччыларбыт эмиэ туораатылар. Юрий Трутнев квалификация син биир маннык усулуобуйалаах хаалыа диэтэ, онон ханнык даҕаны чэпчэтии көрүллүбэт. Икки эрэ ытыы бэриллэр, онон хайдах даҕаны күн-дьыл турдун, түүн-күнүс да буоллун, ытыахтааххын диэн ирдэбиллээх. Инньэ гынан ытааччылар көрдөрүүлэригэр эмоцияны кыана туттуу, ону таһынан техническэй сэбилэниилэрэ эмиэ сабыдыаллыыр. Онон техниканы кытары эмоцияны кыана туттар, ааҕан-суоттаан ытар киһи кыайар кыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: