Спорт сонуннара. 85 саастаах ытык кырдьаҕастар хайыһарга чаҕылхай ситиһиилэннилэр

Share

Ленскэй куоратыгар буолан ааспыт волейболга 1-кы лигаҕа өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар  олохтоох Ленскэй оройуонун хамаандата бастаата, Намнар — иккис, Дьокуускайдар — үһүс миэстэлэннилэр. Итинтэн салгыы миэстэлэри Мэҥэ Хаҥалас,  Чурапчы, Уус Алдан, Өлүөхүмэ, Амма хамаандалара ылаттаатылар.
Бастыҥ волейболистарынан Ленскэйтэн Антон Рыков, Евгений Черкасскай, Намтан Павел Обутов, Семен Васильев, Дьокуускайтан Василий Тум-Фа-Ли ааттаннылар.

Мини-футболга иккис лигаҕа бастыыр иһин “Кыайыы 50 сыла” спорт дыбарыаһыгар 22 хамаанда улуустартан, куораттартан түмсэн күрэхтэстэ. Нерюнгрилар бастаатылар, Намнар, Өлүөхүмэлэр — иккис, үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.
Хаҥалас, Чурапчы, Амма, Таатта, Бүлүү аҕыс иһигэр киирдилэр. Намтан Михаил Ядрихинскэй, Дьулустаан Пестряков, Нерюнгриттэн Андрей Жуков, Игорь Замыслов, Өлүөхүмэттэн Ирек Мурсалимов  бастыҥ футболистар ааттарын ылаттаатылар.

Дьокуускайга, кулун тутар 5 күнүгэр, Екатерина Никитина салайааччылаах  “Чысхаан” хайыһары таптааччылар кулууптара Сайсары күөлгэ күрэхтэһии тэрийэн ыытта. 65 диэри уонна 65 үөһэ аҕам саастаах 34 хайыһардьыт кытынна. 16 дьахтар уонна 18 эр дьон классическай ньыманан сүүрүүгэ куоталастылар. 65-тэн  үөһэ саастаахтарга Василиса Слепцова дьахталларга, Афанасий Илларионов эр дьоҥҥо бастаатылар. 65 диэри саастаахтарга Екатерина Павлова уонна Константин Матаннанов кыайыылаах буоллулар.

Бу иннинэ Челябинскай уобалас Златоуст куоратыгар түмүктэммит норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ Галина  Сырмолотова, Екатерина Никитина, Зинаида Андреева уонна Василиса Слепцова састааптаах Саха сирин хамаандата хайыһар 4х3 км эстафетатыгар үрүҥ көмүс мэтээллэринэн наҕараадаланнылар.

Степан Абрамов үс кыһыл көмүс мэтээли, Хаттап Низамутдинов икки боруонса мэтээли ылары ситиспиттэрэ. Спордунан утумнаахтык дьарыктанар, чөл олохтоох ветераннар иккиэн 85 саастаахтар.

Саха сирин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандата Калиниградка “Андрей Шумилин кубогар” ситиһиилээхтик кытынна. Станислав Свинобоев 74 кг туһунна уонна утарсааччыларыгар биир да баалы биэрбэккэ, ыраас техническэйинэн хотуталаан, кыһыл көмүс мэтээл хаһаайынынан буолла. 57 кг Айаал Белолюбскай үрүҥ көмүс мэтээллэннэ. 61 кг Харысхал Григорьев уонна саамай ыарахан 125 кг ыйааһыннаахтарга Никита Хабаров боруонса мэтээллэри ылаттаатылар.
51 саастаах Чурапчы уҥмат тыҥалаах быһыйа Петр Захаров аан дойдутааҕы “Мейджор-марафоҥҥа”  дьаныһан туран кыттар. Аҕыйах хонуктааҕыта Токиотааҕы 42 км классическай марафоҥҥа  сүүрдэ.  Кытаанах тургутуулары ааһан, икки сыл иһигэр биэс аан дойдутааҕы  марафоҥҥа кытынна. Аны, муус устар 23 күнүгэр Лондоннааҕы марафоҥҥа тиийэн кытыннаҕына алта марафоҥҥа сүүрэн, Six Star Finisher мэтээлинэн наҕараадаланан, бэйэтин иннигэр туруоруммут сыалын-соругун толоруохтаах.  Бу иннинэ Москва, Казань, Чикаго, Берлин, Нью-Йорк уонна ити Токио марафоннарыгар кыттыталаата. Бастыҥ көрдөрүүтэ 2:50:17. Кэргэннээх, үс оҕолоох Петр Захаров сүүрүүнэн дьарыктанар кыыһыгар доҕор буолаары алта сыллааҕыта сүүрүүнэн дьарыктаммыта уонна спорт бу көрүҥүн сөбүлээбитэ, устунан аан дойдутааҕы таһымнаах марафонец буола үүннэ-сайынна.  Россия спортсменнарыгар хааччахтааһын баарын үрдүнэн, Петр Захаров Лондоннааҕы марафоҥҥа кыттар баҕата улахан. Тренерэ 100 км марафоҥҥа аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ, спорт үтүөлээх маастара Татьяна Юрьевна Жиркова.

                          РОМАН ДМИТРИЕВ ТУРНИРЫГАР

Кулун тутар 10-12 күннэригэр Дьокуускайга “Триумф” спорт уораҕайыгар 1972 сыллаахха Мюнхеннээҕи Олимпийскай оонньуулар көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ, ССРС элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ,  ССРС спордун үтүөлээх маастара Р.М. Дмитриев кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир буолан ааста. Быйылгы турнир Сахабыт сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар ананна. Турнир программатыгар Комсомольскай болуоссакка турар  Р.М.Дмитриев паматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу, суруналыыстарга аналлаах пресс-кэмпириэнсийэ буоллулар, биллиилээх бөҕөстөр маастар-кылаастары оҥордулар.

Иран, Индия, Греция, Монголия курдук омук дойдуларыттан уонна урукку бырааттыы Союзнай Өрөспүүбүлүкэлэриттэн, итиэннэ, Россия регионнарыттан 18-20 саастаах 260 эдэр тустуук  көбүөргэ таҕыста. Турнирга кыргыттар аан бастаан кыттыыны ыллылар.

Турнир үөрүүлээхтик аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Россия сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир Киин салайааччыта Александр Кызласов, Россия кыргыттарга көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Алена Карташова эҕэрдэлэрэ дуораһыйдылар. Монреаль-1976 Олимпийскай оонньуулар, аан дойду, Европа, ССРС чөмпүйүөннэрэ, ССРС спордун үтүөлээх маастара Павел Павлович Пинигин 70 сааһынан Махтал суруктар туттарылыннылар.

Үс күннээх хапсыһыылар түмүктэринэн, маҥнайгы кыайыы үөрүүтүн Р.М.Дмитриев аатынан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училище иитиллээччитэ, 50 кг тустубут Александра Копылова аҕалла. Александра Копылова Россия сүүмэрдэммит хамаандатын, Бурятия тустуук кыргыттарын уонна финалга эмиэ биир хамаандаҕа дьарыктанар Надежда Куличкинаны кыайталаата.

Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх-уустаах, Чурапчы институтугар үөрэнэр Владимир Бояновскай 74 кг тустан, барыллааһын хапсыһыыларга Белоруссия, Красноярскай тустуук уолаттарын хотуталаан баран, финалга Коми Республикатыттан Сергей Пушкин туста тахсыбатаҕынан кыайыыны быһа сурунна, Россия уонна Саха сирин хамаадатыгар кыһыл көмүс мэтээли аҕалары ситистэ.

Ити курдук, Сахабыт сирин тустуук ыччаттара 11 мэтээли ыллылар. Владимир Бояновскай 74 кг, Александра Копылова 50 кг, Евгения Огородникова 57 кг, Лилия Рожина 68 кг кыһыл көмүс мэтээллэри уонна биилгэ кэтэр курдары, Надежда Куличкина 50 кг, Лев Павлов 57 кг, Артем Слепцов 61 кг, Роман Николаев 79 кг үрүҥ көмүс, Николай Заболоцкай 57 кг, Айтал Громов 61 кг, Михаил Нестеров 125 кг боруонса мэтээллэри сэргэ, туһааннааҕынан, 35-25-15 тыһ.солк. сертификатынан наҕараадаланнылар.

Уолаттарга Иран хамаандата биэс, Россия түөрт (Бурятия икки, Саха сирэ, Осетия биирдии), Белоруссия биир кыһыл көмүс мэтээллээхтэр.

Аны биир ыйынан, муус устарга, Дьокуускайга ыччаттар ортолоругар Россия чемпионатын көбүөрэ тэлгэниэҕэ.

Баһылай Посельскай,

Дьокуускай.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago