Спортивнай үҥкүү уонна уус-уран гимнастика – болҕомто киинигэр
Кэлэр сыл сүрүн тэрээһининэн, уһун кэм устата тохтуу сылдьан баран сайдан тахсыбыт сиригэр – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллар “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуу буолар.
Оонньуу бырагырааматыгар спортивнай үҥкүү уонна уус-уран гимнастика киирэллэр. Спортсменнарга уонна успуорт бу кэрэ көрүҥнэрин сүгүрүйээччилэригэр улахан бырааһынньыгынан буолуоҕа. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ Спортивнай үҥкүүгэ сойууһа уонна уус-уран гимнастика федерацията түөрт сылга биирдэ ыытыллар бөдөҥ тэрээһиҥҥэ, Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмнээһини болҕомто киинигэр илдьэ сылдьар.
Спортивнай үҥкүү сойууһун уонна уус-уран гимнастика федерациятын бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева уонна Успуорт, физическэй култуура миниистирэ Леонид Спиридонов соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт бу көрүҥнэрин билиҥҥи туруктарын уонна инники сайдыыларын итиэннэ “Азия оҕолоро” оонньууларга хамаандалар чопчу бэлэмнэниилэрин тула кэпсэттилэр.
Быйылгы сылга бу икки көрүҥ сайдыытыгар улахан уларыйыылар, түгэннэр буоллулар. Спортсменнар турнирдарга барыылара үксээтэ. Дойду инники күөҥҥэ сылдьар гимнастическай кииннэрин, Арассыыйа үрдүк таһымнаах тириэньэрдэрин кытта бииргэ үлэлэһии саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ икки сүүмэрдэммит састааба уонна хас даҕаны биирдиилээн кыттааччы Москваҕа уонна Ульяновскайга уус-уран гимнастикаҕа олимпийскай бэлэмнэнии киинигэр дьарыктаналлар. Онон өрөспүүбүлүкэ спортсменнар маастарыстыбаларын сайдыытыгар уонна үүнүүлэригэр эрэнэр.
Көрсүһүүгэ миниистир Леонид Спиридонов уонна икки улахан федерация салайааччыта Людмила Николаева кыттыгас үлэ былаанын, баар кыһалҕалары ырытыстылар уонна ону быһаарар суоллары тобуллулар.
Ону тэҥэ, Леонид Спиридонов үөрүүлээх быһыыга-майгыга спортивнай үҥкүүгэ өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит чилиэннэригэр Арылхан Даниловка уонна Милослава Мазановаҕа 2-с спортивнай эрэсэрээт иҥэриллэрин туһунан дастабырыанньалары туттарда.
СӨ Спортивнай үҥкүүгэ сойууһун уонна уус-уран гимнастикаҕа федерациятын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: